Ньурба улууһун Хаҥалас нэһилиэгэр Саввиновтар дьиэ кэргэн 11 сыл устата ыҥырыа иитэллэр, мүөт оҥороллор. Пасека хаһаайката Дайаана Сайдам бэйэтин телеграм-ханаалыгар ыҥырыалары иитии туһунан таһаарар.
«Сайын ортото бу маннык биир уйаҕа 60 тыһыынча курдук ыҥырыа баар буолар. Тигээйи 500-тэ тиктэҕинэ киһи өлөр. Ыҥырыа биирдэ эрэ тигэр уонна дьааттаах инньэтэ оһоҕоһун илдьэ тахсар буолан бэйэтэ эмиэ өлөр», — диэн кини суруйар.
This post was published on 20.08.2024 17:13 17:13