ВИДЕО: Байыастарга бырааһынньыгынан бэлэхтэр тиэрдиллэллэр

Хаартыска: Саха сирэ саайт

«Бу күннэргэ тирэх пууннар үлэһиттэрэ Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн бэлэхтэри байыастарга тиэрдэргэ улахан үлэни ыыта сылдьаллар», — диэн Ил Дархан Айсен Николаев телеграм-ханаалыгар суруйар.

«Байыаннай сулууспалаахтар дьиэлэриттэн баһыылкалары туттахтарына наһаа үөрэллэр. Кинилэр төрөөбүт өрөспүүбүлүкэлэрин уонна биир дойдулаахтарын өйөбүллэрин билэллэрэ улахан суолталаах», — диэн Ил Дархан суруйар.

Хас биирдии байыаска ыыһаммыт эт уонна балык арааһа, барыанньа тиэрдиллиэҕэ, суруйар Саха сирэ саайт.

This post was published on 22.02.2024 15:03 15:03