ВЭФ-2024: Саха сирэ информационнай технологиялары сайыннарыы пуондатын кытары сөбүлэһии түһэристэ

 Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа Саха сирэ информационнай технология Арассыыйатааҕы пуондатын кытта сөбүлэһии  түһэристэ.

Докумуоҥҥа  өрөспүүбүлүкэ премьер-миниистирэ  Кирилл Бычков уонна РФРИТ генеральнай дириэктэрэ Александр Павлов илии баттастылар.

«Докумуон сүрүн соруга — бөдөҥ хампаанньалар уонна дьоҕус биисинэс түргэнник ИТ быһаарыныы ылыналларыгар туһуланар. Номнуо улахан бырайыактары олоххо киллэриигэ дуогабардар түһэрсиллибиттэр», — диэн Кирилл Бычков этэр.

Маны таһынан, икки өрүт граннар бырагыраамаларын уонна Саха сиринээҕи инновация пуондатын РФРИТ операторынан Уһук Илиҥҥэ  олохтуур кыаҕы көрдүлэр.

«Бу граннарга киирсэргэ уонна олохтоох хампаанньалары өйүүргэ көмөлөһүөҕэ», — диэтэ. РФРИТ – Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум сайдыытын института буолар.

2024 сылга Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум номнуо тохсус төгүлүн ыытыллар. Тэрээһин Владивостокка Уһук Илиҥҥи федеральнай университет кампуһун былаһааккатыгар ыытылла турар. Бу сылга тэрээһин сүрүн тиэмэтинэн  «Уһук Илин-2030. Объединим усилия, создавая возможности» диэн соруктаах.

Ульяна Захарова, Саха сирэ

This post was published on 04.09.2024 16:30 16:30