ВЭФ-2023: Саха сирэ 100 млрд солкуобайтан тахса суумаҕа 30 кэриҥэ сөбүлэһиини түһэрсэр былааннаах

Владивостокка балаҕан ыйын 11 күнүгэр VIII илин экономическай форум сүрүн чааһа (ВЭФ) аһылынна. Саха сирэ форумҥа инвестиционнай бырайыактары олоххо киллэриигэ, 100 млрд солк. үптээх 30 кэриҥэ сөбүлэһиини түһэрсэр былааннаах, диэн өрөспүүбүлүкэ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Бырайыактар хайысхалара киэҥ: саҥа бырамыысыланнас эбийиэктэрин тутуутуттан тырааныспар, сибээс уонна дьиэ-уот эйгэтигэр тиийэ.

Холобур, ПМЭФ-2023 чэрчитинэн, Уһук Илин сайдыытын корпорацията Мииринэй оройуонугар гелий уонна айылҕа гаһын хостуур комплекс тутуутун тиэмэтин салҕыахтара.  Гелийы оҥорон таһаарыы өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр эбии нолуогу киллэриэҕэ уонна саҥа үлэ миэстэлэринэн хааччыйыаҕа, регион кэлиҥҥи сайдыытыгар төһүү күүс буолуоҕа.

This post was published on 11.09.2023 12:22 12:22