Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев Владивостокка Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум кэмигэр өрөспүүбүлүкэ киинин сайдыытыгар сыһыаннаах ханнык бырайыактар көрүллүбүттэрин туһунан кэпсээтэ.
Евгений Григорьев бэлиэтээбитинэн, көрсүһүүлэр сүрүн тиэмэлэринэн куорат пааркатын саҥалыы уларытан оҥоруу, уулусса уотун ситимин саҥардыы уонна дьиэ тутуута буоллулар.
«Биһиги «ВЭБ.РФ» судаарыстыбаннай корпорацияны уонна РФ Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын министиэристибэтин кытары Дьокуускай пааркатын саҥалыы уларытан оҥоруу бырайыагын бэлэмниибит. Манна биһиги аквапаарк тутар былааннаахпыт. Бырайыак маастар-былаанын «ВЭБ.РФ» оҥороругар сөбүлэстибит», — диэн куорат баһылыга эттэ.
Кини бэлиэтээбитинэн, аан бастаан саҥа тутуу иэнин уонна төһө элбэх миэстэлээх буоларын быһаарыахтара.
«Ону таһынан, «ДОМ.РФ» корпорацияны кытары көрсүһүү буолла. Билигин куорат сирин-уотун бары өттүнэн сайыннарыыга уонна олорор дьиэни тутууга бырайыактары оҥоробут. Бу үлэҕэ «ДОМ.РФ» сүрүн инвестиционнай партнер буолар», — диэн Евгений Григорьев бэлиэтээтэ.
Саха сирэ
This post was published on 13.09.2023 17:05 17:05