Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум кэмигэр Ил Дархан Айсен Николаев Лаосскай Норуодунай-Демократическай Өрөспүүбүлүкэ вице-бэрэсидьиэнэ Пани Ятхотуну кытары көрүстэ.
Өрүттэр атыы-эргиэн, үөрэх, успуорт уонна туризм салааларыгар бииргэ үлэлээһин боппуруостарын тула кэпсэттилэр.
«Муниципалитеттары кытары бииргэ үлэлээһин бу олус суолталаах хайысха. Бу култуурунай, экэнэмиичэскэй сибээстэри сайыннарыыга көмөлөөх», — диэтэ Айсен Николаев.
Айсен Николаев туризм эйгэтигэр, ол иһигэр дойду национальнай пааркаларын сайыннарыыга бииргэ үлэлээһиҥҥэ кыах баарын бэлиэтээтэ. Санатан эттэххэ, бэҕэһээ пленарнай кэпсэтиигэ дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин Приморье, Хабаровскай кыраай, Саха сирэ, Бурятия, Камчатка уонна да атын эрэгийиэннэр национальнай пааркаларыгар туризмы сайыннарыыны эбэн туран, Уһук Илин «саҥа экэниэмикэ» салааларын былаһааккатынан буолуохтааҕын эппитэ.
Лаос вице-бэрэсидьиэнэ тыа хаһаайыстыбатын, атыы-эргиэн салаатыгар, каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ бииргэ үлэлээһиҥҥэ кыах баарын эттэ.
Көрсүһүү түмүгэр Айсен Николаев Лаос спортсменнарын VIII сайыҥҥы норуоттар икки ардыларынааҕы «Азия оҕолоро» оонньууларга кыттарга ыҥырда.
Саха сирэ
This post was published on 13.09.2023 16:18 16:18