3,2 тахса трлн солк инвестиционнай сөбүлэҥнэри VII илиҥҥи экономическай форум кыттыылаахтара түһэристилэр. Ол туһунан РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта — Уһук Илиҥҥи уокурукка президент боломуочуйалааҕа Юрий Трутнев пресс-конференцияҕа эттэ.
Юрий Трутнев ковид кэннинээҕи бастакы форумҥа 7 тыһ тахса киһи кытынна, 260-тан тахса сөбүлэҥ уопсайа 3 трлн 255 млрд солк түһэрсиллибитин эттэ. Кини үгүс быһаарыылары Владимир Путин өйөөбүтүн иһитиннэрдэ.
«Быһаарыылар ылылыннылар, 90 хайысханан үлэлээтибит, президеҥҥэ дакылааттыыбыт. Үгүс өттө дойду баһылыгынан өйөннө, онон түргэн тэтимнээхтик хардыылыыбыт», — диэтэ Трутнев.
This post was published on 08.09.2022 12:34 12:34