Бу күннэргэ сонуну киэҥник тарҕатар уорганнарга уонна ватсап ситимигэр Нам улууһун киин балыыһатын хирура ыарыыны ватсап нөҥүө быһаарбытын туһунан сурах тарҕанна.
Ити сураҕы СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирин солбуйааччы Людмила Вербицкая маннык быһаарда:
– Бэрэбиэркэни ыытарга ханнык да төрүөт суох. Тоҕо диэтэххэ, хирург оҥорбут дьайыылара олохтоохтор уонна медицинскэй көмө регламеныгар сөп түбэһэллэр. Бу ыарыһахха медицинскэй көмө толору оҥоһуллубута уонна ыарыһах үтүөрбүтэ.
Хирурга ханнык да административнай дьаһал ылыллыбат.
Төрөппүттэр оҕолорун улуустааҕы киин балыыһаҕа аҕалар күннэригэр хирург чугастааҕы нэһилиэнньэлээх пууҥҥа суһал ыҥырыыга барбыт этэ. Балыыһаҕа хары утаҕа тостуулаах 10 саастаах оҕо киирбитин туһунан иһитиннэриини айаннаан иһэн туппута. Хирург дьуһуурунай рентгенологка оҕону рентгеҥҥэ устарыгар уонна тута биллэрэригэр эппитэ. Онон рентген түмүгүн электроннай почтанан ыыппыттара, ыйыыны-кэрдиини, сүбэни-аманы тута олорбуттара.
Хирург түмүгү көрөн баран, тостуу сыҕарыйыыта суоҕун бигэргэппитэ уонна анал сертификаттаах сиэстэрэҕэ гипсэ уурарыгар уонна оҕону бэнидиэнньиккэ иккиһин көрдөрө кэлэригэр эппитэ.
Бэнидиэнньиккэ балыыһа исписэлиистэрэ, ол иһигэр хирург, оҕону иккистээн көрбүттэрэ. Сотору кэминэн оҕо гипсин уһулбуттара. Кини билигин доруобуйата үчүгэй. Төрөппүттэр прокуратураҕа да, медицинскэй тэрилтэҕэ да ханнык да сайабалыанньаны суруйбатахтара.
Бу туһунан СӨ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
This post was published on 27.05.2016 16:34 16:34