Василий Яковлев – кэпсээн, роман жанрдарыгар хотоойулаахтык үлэлээбит суруйааччы. Кини үйэ сайдыытын тэтимигэр дьон өйө-санаата, олох тутула уларыйар быыһык кэмин сэрэйэн, таба таайан, “Өрүстэр кирбиилэригэр”, “Уот иитиитэ”, “Кэрэхтээххэ” романнарын, “Сардаҥа ардаҕа” сэһэнин ХХ үйэ баараҕай хамсааһыннарын, сири уларытыы, уу электростанциятын тутуу, космос куйаарын баһылааһын, тыа олоҕо уларыйыытын үтүө, мөкү өрүттэрин сырдатыыга анаабыта.
Романнарга аар айылҕаҕа тулааһын буолар сүрүн стихиялар, Уу, Уот, Сир, бүтүн Куйаар уобараһа, онно киһи миэстэтэ сырдатыллаллар. Бу ырытыыбар чопчу тутан «Өрүстэр кирбиилэригэр» (1969) романы болҕойуохпун баҕарабын. Айымньыга саха киһитин космическай хартыынатыгар сүрүн концепт-өйдөбүл буолар төрөөбүт буор, ийэ сир уобараһа киин суолтанар.
Саргылаана Ноева (Карманова), филологическай наука кандидата, Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар проблемаларын үөрэтэр институт научнай үлэһитэ
Саха литературатын ураты майгыланыытыгар, литератураҕа киһи уобараһа сайдыытыгар бэлиэ суолталаммыт айымньылары үөрэтии наадата кэм-кэрдии ааһан истэҕин аайы ордук күүһүрэн, дириҥээн, дьэҥкэрэн иһэр. Ол курдук аныгы кэмҥэ саха омук олоҕун оҥкула уларыйыытын уус-уран айымньыга уустуктаан киллэрбит талааннаах прозаик Василий Васильевич Яковлев дириҥ ис хоһоонноох айымньыларын билиҥҥи саха прозатын, култууратын чэрчитигэр киллэрэн ырытыы дириҥ ис хоһоонноох. Кини айар үлэтин эйгэни арыйыы диэн өйдөбүлүнэн чопчулаан быһаарар сөп. Ол курдук суруйааччы саха киһитэ саҥа идэни, эйгэни баһылааһынын тэҥэ саха төрүт олоҕун укулаатыгар саҥа үйэ көстүүлэрэ киириитин таба тайанан суруйбута.
Роман сюжета Бырама нэһилиэккэ уонна “Түгэх” сопхуоска тыа дьонун-сэргэтин олоҕун тула эргийэр. Бырама, Түгэх топонимнар быраман ырааҕы, былыргыны, тэйиччини, түгэҕи бэлиэтиир суолталарын болҕойдоххо, соһуччу интэриэһинэй түмүктэргэ кэлиэххэ сөп. Ол курдук куорат сиртэн балачча ыраах Бырама нэһилиэк уонна “Түгэх” сопхуос роман геройдарыгар экзистенциональнай киин (центр) миэстэлэммиттэрэ соһуччу оксюмороннай ситуацияны үөскэтэр.
Роман геройдара – агроном, инженер-мелиоратор, зоотехник – Бырамаларын эйгэтигэр, сирдэрин-дойдуларын кыһалҕатын быһаарар үлэ үөһүгэр оройдорунан түһэн, үлүһүйэн туран үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Ол да иһин Дьокуускай, Москва дьалхааннаах, килэйбит-халайбыт реалиялара кинилэр болҕомтолоругар киирбэттэр. Роман бу геройдара сүрэхтиин-быардыын, өйдүүн-санаалыын, дууһалыын куруук төрөөбүт дойдуларыгар, Амма ыраас кытылыгар, күөллэр, толооннор, алаастар, хочолор, сыһыылар, алардар мындааларыгар тардыһаллар.
Бырама – ромаҥҥа Сир Ийэ персонификацията буолан көстөр, куруук өҥ, угут, быйаҥнаах, угуйар-ыҥырар, кистэлэҥнээх, дириҥ. Төрүт уйа, ону ааһан дьахтар киэлитин бэлиэтиир, хтоническай суолталаах топос.
Ол да иһин төрөөбүт ийэ сирдэрэ роман персонажтарын хайа да түгэҥҥэ ыыппат. Холобура, Александр Ирбитин Дьокуускайга да кэлэ сылдьан өйдүүн-санаалыын төрөөбүт сиригэр таттарар: «Быраматтан тэскилиир, тэйэр курдук сананан кэлбитэ да, дойдута санаатыттан арахсыбата» (с. 220). Эбэтэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москва куоракка тиийбит Ирбитин уонна Бардасов гостиницаҕа түһэн сытан кэпсэтэр-сэлэһэр тиэмэлэрэ, биллэн турар, дойдулара эрэ: «Үөһээҥи мэндиэмэнтэн хараҥаран эрэр Москваны таҥнары одуулаан, икки доҕордуулар санааларынан-өйдөрүнэн төрөөбүт дойдуларыгар буоллулар» (с. 269).
Тиэкискэ төрөөбүт дойдуну ойуулааһын киһи сөҕүөх курдук уустаан-ураннаан, бириинчиктээн, сиэдэрэйдээн бэриллэрин бэлиэтиибит – алаас, өрүс, үрэх отун-маһын, биэрэгин-эниэтин, өҥүн-дьүһүнүн, сытын-сымарын хоһуйуу сүрүн геройдар климат уларыйыытын, дьыл кэмин кэтээн көрүүлэригэр, тыа хаһаайыстыбатын үлэтин (күөлү көһөрүү, ыһыы, мэччирэҥ, ыам, булт-алт, от хомуурун, уо.д.а. үлэни-хамнаһы) сэһэргээһиҥҥэ олоҕуран, олус хойуутук бэриллэр. Бу ойуулааһыннар куорат сири кураанахтыы бэлиэтээн ааһыыга (нулевое описание) утары тураллар, онон харахха быраҕыллар контраст үөскүүрэ дьэҥкэ.
Дьокуускайга, Москваҕа роман геройдара балачча чаастатык сылдьаллар. Кинилэр ыраах куораттарга уһун айаннара киһи соһуйуох түргэнник, чэпчэкитик ааһар, автор, омос санаатахха, тыа киһитигэр балачча сонун, интэриэһинэй буолуон сөптөөх куорат ландшафтарын хоһуйарга олох да кыһаллыбат: «Аҕыйах хонон баран Москваҕа партия биир уочараттаах Пленума буолбута» (с.165), «Кыһын олунньу ый маҥнайгы аҥарыгар Москваҕа РСФСР тыатын хаһаайыстыбатын боппуруостарыгар сүбэ мунньах ыҥырыллыбыта» (с. 181). Бэрт эмискэччи, соһуччу улахан куораттарга баар буолан хаалар персонажтар онтон сылтаан олус эрчимнээх, күүстээх потенциялаах геройдар курдук көстөллөр. Холобура, Ирбитин, атын да геройдар кэриэтэ, бэрт түргэнник кэлэр-барар, айаны-суолу ыарырҕаппат хотоойу санаалаах: «Ол сырыттаҕына эмискэ куораттыыр автобус түбэстэ. Ирбитин үгүһү-элбэҕи ырыта барбакка, онно олордо да, куораттыы турда» (с. 219).
Ол эрэн Тит Бардасов, Аркадий Тугутов, Александр Ирбитин айаннарын, сырыыларын ойуулааһын куруутун даҕаны бэйэлэрин дойдуларыгар барыы хайысхатынан эрэ ахтыллар. Персонажтар куоракка айаннарын хоһуйуу хайа да түгэҥҥэ бэлиэтэммэт:
— «Тэмэлдьигэн курдук кыракый «Як», кураан тыалыттан биэтэҥнээн ыла-ыла, халлааҥҥа өрө дьурулаан тахсыбыта. Дабыдалларын сыыһынан өһөспүт курдук салгыны ыгыта баттаамахтаан эргиллэ түһээт, киэҥ-нэлэмэн Лена өрүһү туора быһа көтөн, тус илин диэки тайбаара турбута» (с. 3); — «Паром Буоратай кумаҕар кэлэн анньыллыытыгар, күн арҕаа мыраан арҕаһыгар дьэ тайаммыта. Паромҥа кэнники киирбит буолан, Бардасовтаах урут тахсыбыттара. Мыраан уһун дабаанын өксөйөн тахсан, суоллар арахсыыларыгар кэлэн, массыыналарын өҕүлүннэри тардыбыттара, ол аата дойдуларын суолун туттахтара» (с. 123).
Бырама, Амма сирэ-уота эдэр специалистар үрдүк сыаннастарын быһаарар ытык (сакральнай) түөлбэ буолар. Төрөөбүт түөлбэтин кытта биир ситимҥэ киирбит киһиэхэ атын эйгэ (Дьокуускай, Москва) туспа-туора дойду (чужбина, периферия) суолталанар. Холобура, Бардасов дойдутугар айаннаан иһэн массыыыналара илин эҥэр буоругар киирбитигэр эрэ уоскуйар:
«Дьэ ол эрэ кэнниттэн Тит Бардасов хаһаас тар курдук саһара күөрэлэммит адаархай муустардаах улахан үөһү туораан, кумахтаах мыраан кэтэҕэр тахсан эрэ баран, биирдэ сынньанар кэмҥэ дьэ түбэспиттии сананна. Уута кэлбит курдук олоҕор тиэрэ түһэн, минньигэстик аа-дьуо хараҕын быһа симнэ» (с. 182);
Куорат пространствотын аахайбат буолуу роман персонажтарын интэриэстэрин, суруйааччы идеятын дьэҥкэрдэр ньыма курдук өйдөнөр. Куоракка киирбит персонаж мунарын-тэнэрин, ээл-дээл сылдьарын, бэл ыалдьарын болҕойобут. Ирбитин куорат остолобуойугар, гастрономҥа, автобуска киирэн, уулуссаҕа сылдьан, куруук быыллаах, тыастаах-уустаах, кыараҕас эйгэҕэ сылайар, ыалдьар, туора курдук сананар:
«Тиһэҕэр, остолобуойга киирэн эбиэттээтэ. Итиннэ барытыгар Ирбитин хайдах эрэ үдүк-бадык сырытта», «Александр ыалдьыбыт киһи курдук сирэйин хоту мээлэ баран истэ. Биирдэ өйдөөн көөртө, киин уулуссанан иһэр эбит», «Ирбитин мээлэ хааман иһэн, үгүс дьон халҕаһатын батыһан гастрономҥа киирэн хаалла», «Ирбитин автобуска киирдэ. Дьон аалсыытыгар кыһаммакка, бэйэтэ саныыр санаалаах истэ» (с. 222).
Сюжекка таарыччы, быстахтык, эбиискэтин бэрт ыксалынан ахтыллан ааһар куорат ойуулааһыннарынан сэрэйдэххэ, куорат топологическай бэлиэтинэн туман, үдүө-бүдүө салгын, хараҥа, силбик, дьон аалсыыта, арыгы сыта өйдөбүллэр буолаллар.
Алааһы, төрөөбүт түөлбэни кытта быстыбат ситим аныгы киһи бэйэтин төрдүн-төбөтүн, силиһин-мутугун умнубатын, чөл туругун мэктиэлиир. Ол иһин суруйааччы романыгар Бырама түөлбэтин киин сир, куораты кытыы периферия курдук сонун ньымалаан суруйбута уус-уран эйгэҕэ ааптар уус-уран экспэримиэнин табыллыбыт холобурун курдук сыаналанар. Романнай толкуй маннык ураты хаачыстыбата Василий Яковлев национальнай майгы уратытын дьэҥкэрдэр талба талаанын бигэргэтэр.
Айар үлэ кистэлэҥин биир өрүтэ суруйааччы айымньыларыгар туруорбут проблематиката, ыарык-баттык оҥостубут толкуйа хайа эрэ балаһа кэм, күн-дьыл ааспытын кэннэ иккистээн күөрэйэн, саҥаттан килбиэннэнэн, сонун тыыннанан тахсан кэлэрэ буолар. Ол дьиҥнээх талаан өлбөт-сүппэт бэлиэтэ. Василий Яковлев романнарын проблемата, киһи уонна айылҕа чөл буолуутун тыын боппуруостара, төрүт сир-буор, сахалыы майгы эстиитин иэдээнэ билиҥҥи кэмҥэ ордук сытыырхайан иһиллэллэр. Ол туоһутунан суруйааччы айымньыта сахалыы киинэ буолан, дьүһүн кубулуйан, аныгы үйэ ааҕааччытыгар төннүүтэ, атын омук дьонугар биллиитэ ураты культурнай көстүү буолла.
“Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиит” (1973) кэпсээҥҥэ ойууланар Собо уола Микииппэр уонна Оппуос эмээхсин элбэх омук мифологиятыгар, остуоруйатыгар ахтыллар оҕонньордоох эмээхсин былыргы дириҥ уобарастарын хатылыыллар. Бу оҕонньордоох эмээхсин архетиптарын аан дойду култууратыгар үйэлээх архетипиканы, киһи түгэх өйүн (бессознательное) үөрэппит психолог К.Г. Юнг үөрэҕин чэрчитинэн ырытар буоллахха, муударас уобарастара диэн быһаарыахха сөп. Муударас өйдөбүлэ оҕонньор уонна эмээхсин бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэрэр бинарнай (пааралыы) үйэлээх уобарастарынан бэриллибит, саха омук култууратын, түгэх өйүн, ийэ билиитин, олох укулаатын (хаттыгас) бэлиэтэ буолар.
Саха алааһын тулхадыйбат тулаан тутааҕа буолар биир уобарас – оҕустаах оҕонньор. Соморой оҕуһун түөрт остоолбо атаҕын нөҥүө төрөөбүт буоругар чиҥник тирэнэн турар минотаврическай уобарас – Собо уола Микииппэр – бэйэтин алааһын, сирин-дойдутун хаһаайына буолан олордоҕо.
Айымньы хронотоба дьыл эргииригэр олоҕурар. Күн-дьыл эргимтэтэ (Бокуруоп буолуута, Ороһооспо, саас эргиллиитэ) оҕонньордоох эмээхсин хас эмит сылы быһа уларыйбатах бигэ олохторун-дьаһахтарын эргиирин көрдөрөр. Бу олох тулхадыйбат туругун, сир-дойду бигэ быһыытын-таһаатын, олохтоммут бэрээдэги ыһыллыбаттыы тутан турар Аан Тулааһын (Мировой вертикаль)-Тэҥкэ Тиит кинилэр алаастарын хаба ортотугар үүммүт. Олох тулааһына буолбут архетипическай уобарастар Оҕонньор, Эмээхсин уонна Тиит баалларын тухары олох укулаата уларыйбатын билэбит.
Ол эрэн уһун кыһыны быһа буулаабыт тойон кыыл, хотой уобараһыгар уларыйыы тыына түмүллэн, айымньы тухары ааҕааччыны долгутар, ыксалга, кутталга киллэрэр. Оройдорунан көрбүт эдэр хомсомуол уолаттар олох уларыйыытын бэлиэтэ буолан, айымньы бүтэһигэр бэрт ыксалынан, солуута суох түргэнник сай курдук киирэн тахсаллар. Кинилэр – куруук ыксалынан сылдьар, элбэх-элбэҕи кутан-симэн кэпсээн, кум-хам аһаан ааһар идэлээх, саха киһитин үйэлээх үгэһинэн суолга көрүстэххэ наллаан сэлэспэт омуннаах үйэ бэрсэтэбиитэллэрэ. Бу дьонунан сирэйдээн, суруйааччы ааспыт үйэҕэ норуот үйэлээх сыаннастарын сиргэ-буорга тэпсэн, хаарыаннаахай култуура, искусство, итэҕэл көстүүлэрин, бүтүн империяны, дворянство, национальнай интеллигенция дьонун сиэн-аһаан, сууһаран ааспыт былааһы көрдөрдөҕө. Айымньы бүтэһигэр Собо уола Микииппэргэ аара өйдөммөттүк көрсө түспүт мэник дьалбаа уолаттар «суолбутун халлаан тибээри гынна” диэн тыллара ХХ үйэ аҕалбыт араас иэдээннэрин суоһар сэрэтиитэ буолан иһиллэр.
Ити курдук саха прозатын сайдыытыгар уһулуччу суолу хаалларбыт талааннаах суруйааччы Василий Васильевич Яковлев айар үлэтин дириҥ тосхоло билиҥҥи кэмҥэ саҥаттан саҥа болҕомтону, интэриэһи тардар, онон эдэр ыччат, үүнэр көлүөнэ ааҕарыгар, толкуйдууругар, ырытарыгар аан аһаҕас.