23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Василий Никифоров-Күлүмнүүр аата 121,96 караттаах алмааска иҥэрилиннэ

18:52, 23 марта 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

В.В.Никифоров – Күлүмнүүр төрөөбүтэ 150 сылын тэрийэн ыытар өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйа салайааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков туруорсуутунан 2016 сыл тохсунньу 22 күнүгэр Айхаллааҕы хайаны байытар комбинат 14 №-дээх фабрикатыгар («Юбилейнай» трубкаттан) көстүбүт 121,96 карат ыйааһыннаах бөдөҥ алмааска биллиилээх уопсастыбаннай-политическай деятель, ХIХ уонна ХХ үйэлэр кирбиилэригэр саха национальнай интеллигенциятын лидерэ Василий Васильевич Никифоров – Күлүмнүүр аата иҥэрилиннэ.


Туһааннаах бирикээскэ «АЛРОСА» АК президенэ Андрей Жарков бу дьыл кулун тутар 21 күнүгэр илии баттаата.

“Алмаас кристала октаэдр быһыылаах, 31,28 х 30,00 х 28,57 млм кээмэйдээх, саһарҕайдыҥы сырдаан көстөр дьүһүннээх, таас кытыытынан биллэр-биллибэт оливин уонна графит-сульфид хадьааһыннаах ювелирнай хаачыстыбалаах» диэн паспорыгар суруллар.

Биллэрин курдук, быйыл демократическай төрүккэ талыллыбыт Саха сирин бастакы салайааччыта Василий Никифоров-Күлүмнүүр төрөөбүтэ 150 сылын өрөспүүбүлүкэ киэҥник бэлиэтиир. Кини 1918 сыл тохсунньу 31 күнүгэр уобаластааҕы земство бастакы мунньаҕар Саха сирин земствотын уобаластааҕы быраабатын бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыта. 1919 сыл кулун тутар 23 күнүгэр Саха сирин земствотын уобаластааҕы быраабатын бэрэссэдээтэлинэн 1919-1921 сс. болдьоххо хаттаан быыбардаммыта.

Үбүлүөйдээх сылын бэлиэ түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн, биллиилээх уопсастыбаннай-политическай деятель Василий Никифоров — Күлүмнүүр аата Саха сирин символа — күндү тааска иҥэриллибитэ үйэлээх өйдөбүнньүгүнэн буолуо.

Ил Түмэн пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА