23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Василий Илларионов: “Дьааҥыга Худяков саҕаттан күн бүгүнүгэр диэри олоҥхо баар...”

15:15, 16 сентября 2016
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бу дьыл балаҕан ыйын 8 күнүгэр Саха сирин биллиилээх фольклориһа, олоҥхону чинчийээччи, филологическай наука доктора, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ профессора Василий Илларионов дьоһуннаах 70 сааһын туолла.

Фольклорист, олоҥхону чинчийээччи Василий Илларионовы кытта Дьааҥыга Олоҥхо Ыһыаҕар кэлэ сырыттаҕына, анаан көрсөн кэпсэппитим. Ол ону бүгүн ааҕааччыларбар билиһиннэрэбин.

— Василий Васильевич, эн Дьааҥыга кэлбитиҥ өр буолбут ээ, быһыыта?

— Миэхэ билиэппин эрдэ ылбыттар этэ. Онон манна хата дуоһуйа сынньанным. Быйыл 8 кинигэни бэчээккэ бэлэмнээн таһааран эрэбин. Түөрдэ-биэһэ таҕыста, онно эбии түөрт ааптарскай кинигэм тахсыахтаах. Быйыл 70-мун туоларбар үбүлүөйбүн үлэнэн көрсүөхтээхпин диэн былааннанабын. Олоҥхо Ыһыаҕынан сибээстээн, хас да кинигэни бэлэмнээһиҥҥэ кытынным. Ааптар, хомуйан оҥорооччу, эрэдээктэр быһыытынан, атын да ааптар кинигэтигэр кыттыһан эмиэ үлэлэстим. “Хаан Дьаргыстай” диэн Иван Худяков суруйбут олоҥхотун “Образцы народной литературы якутов” диэн тахсыбыт кинигэтиттэн билиҥҥи алфавикка таһааран, бэлэмнээн, суруналыыс Майя Власьеваны кытта “Алаас” кинигэ кыһатыгар таһаартардыбыт. Бары ирдэбили барытын тутустубут. Ол курдук, киирии тыллаан, комментарийдаан, сюжетын суруйан, персонажтарын испииһэккэ киллэрэн – барытын оҥордубут. Худяков кэпсээн форматынан суруйбутун, поэтическай айымньы буоларын быһыытынан, хоһооҥҥо наардаан таһаардыбыт. Дьон өйдөөбөт тыллара үгүс. Ону комментарийдаан биир улахан кинигэ гына бэлэмнээтибит.

— Үс омук тылынан эмиэ бэлэмнээбит кинигэлэрдээххин дии.

— Даарыйа Томская “Кыыс Кылаабынай бухатыыр” диэн олоҥхотун сахалыы, нууччалыы, английскайдыы тылынан бэчээккэ бэлэмнээтибит. Бу улахан олоҥхо маҥнайгы чааһа. Ол иһин үс сылга арааран таһаарарга сүбэлэспипиит. Саамай интэриэһинэйэ, английскай тылынан толору тылбаастанна. Нууччалыытын — “Якутия” хаһыат суруналыыһа Аита Шапошникова, оттон ХИФУ эдэр преподавателэ Варвара Неустроева сахалыыттан быһа английскайдыы тылбаастаата. Урукку тылбаастар нууччалыыттан тылбаастанар эбит буоллахтарына, бу олус сонун сүүрээн. Итиэннэ саамай интэриэһинэйэ, Дария Андреевна бу олоҥхотун 1999 сыллаахха видеоҕа уһултарбыт. Ону Ийэ Олоҥхоһут сиэн балта Мария Стручкова тылыгар таһаарбыта. Биллэн турар, уопута суох киһи быһа тыллары киллэртээбитэ үгүс. Ону сурукка-бичиккэ киллэрэрбитигэр, хас биирдии саҥарар тылын бэрэбиэркэлии олорон, Чаайка Даарыйа хайдах саҥарбытынан киллэрдибит. Гуманитарнай чинчийии фольклористара Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет учуонайдарын кытта биир тыынынан бииргэ үлэлээн, биһиги быйыл бэрт элбэх дьоһуннаах таһаарыылары бэлэмнээн таһаардыбыт. Олоҥхоһуттар олоҥхолорун толорон ааспыт айымньыларын бэчээттээн таһаарыы улахан суолталаах. Бу манна Иван Худяков Дьааҥы олоҥхотун суруйбута, үөрэппитэ, чинчийбитэ. Дьэ, ол кини суруйууларын Олоҥхо Ыһыаҕа буоларынан сибээстээн, “Краткое описание Верхоянского округа”, “Хаан Дьаргыстай” диэн олоҥхолоругар биһиги күн сирин көрдөрдүбүт. Ити мин саныахпар, саамай суолталаах сорук туолла. Итиэннэ Дария Андреевна Томская видеоҕа уонна магнитофоҥҥа уһуллубут олоҥхотун тиэкистэрин биһиги эдэр фольклористарбыт көмөлөрүнэн таһаардыбыт. Олоҥхо институтун уонна Гуманитарнай чинчийии инситутун фольклористара кыттыһан, Дьааҥы олоҥхоһуттарын антологиятын оҥордулар. Ити эмиэ элбэх үлэттэн тахсар.

— Оо, элбэх да үлэни оҥорбуккут!

— Туох да үлүгэр! Дьэ, кырдьык, баһаамнык үлэлээтибит. Олоҥхону ааҕа олороҥҥун, олоҥхоһут толоруутун компүүтэргэ көрө олоруоххун сөп. Оннук компакт-диискэлээх оҥордубут. Ол диискэ штрих-кодтаах. Ол аата билиҥҥи кинигэлэр бары мантан инньэ итинник ирдэбили тутуһан тахсыахтаахтар. Онон биһиги саха фольклористикатыгар аан маҥнай штрих-кодтаах олоҥхону таһаардыбыт.

— Бу кинигэлэр ханна атыыналланалларый? Эбэтэр бэлэххэ эрэ барары таһаардыгыт дуу?

— Кинигэлэри оройуоннааҕы култуура управлениета сакаастаан таһаартарбыта. Дьааҥыга аҕыйаҕы аҕаллыбыт. Сороҕо куоракка хаалла. Кэлин ыытыахтара. Мин бу кинигэлэр тахсалларыгар Екатерина Васильевна Ноговицына сүҥкэн оруолун бэлиэтиэхпин баҕарабын. Туох кистэлэ кэлиэй, утарсааччы олус элбэх этэ. Ону ол диэбэккэ, култуура управлениетын салайааччыта, эдэр киһи диэтэххэ, кинигэ тахсар үбүн-харчытын анаан туруорсан, таһаартарда да таһаартарда! Онон биһиги өссө киһиргиэхпитин сөп курдук: Арассыыйаҕа бастакынан мультимедийнэй кинигэни бэчээккэ бэлэмнээн таһаардыбыт! Иван Худяков аан маҥнай саха олоҥхотун Дьааҥыга толору суруйбут буоллаҕына, XXI үйэҕэ саха олоҥхотун аныгы көмпүүтэр технологиятын туһанан, мультимедийнай таһаарыыны оҥорору ситистибит. Кинигэ биһирэмэ Дьааҥыга бэйэтигэр – бу ытык сиргэ буолбута эмиэ улахан суолталаах. Мин онно биир чаас тыл эппитим.

Ити курдук хас да кинигэни компакт-диискэлээн таһаардыбыт. Онон Олоҥхо Ыһыаҕар биһиги Даарыйа Томская түөрт олоҥхотун кинигэ гынан бэлэмнээтибит. Бу барыта саха фольклористара аныгы наука ирдэбиллэринэн саҥа информационнай технологиятын толору баһылаабыппыт туоһута!

— Дьааҥыга ыытыллыбыт Олоҥхо Ыһыаҕа, атын улуустарга тэҥнээтэххэ, туох уратылааҕый?

— Олоҥхо кинигэлэрин таһаарыыга дьааҥылар олох эрдэттэн ылсан үлэлээбиттэрэ. Саамай кэрэхсэбиллээҕэ, наука үлэһиттэрин кытта олус чугастык алтыһан үлэлээтилэр. Сорох улуустарга олоҥхоҕо анаммыт кинигэлэри сүрүннээн энтузиастар таһаара сатыыллар.

Саамай бэлиэ түгэн — дьааҥылар Улуу Олоҥхоһукка пааматынньык туруордулар. Мин онтон олус үөрдүм уонна долгуйдум. Ийэ Олоҥхоһуту итинник чиэстээһин урут суоҕа. Сэргэй Зверевкэ анаан пааматынньык туруорбуттара эрээри, кинини биһиги ордук тойуксут быһыытынан билинэбит. Онтон дьиҥнээх олоҥхоһукка бу – аан бастакы пааматынньык. Буолаары буолан, Чаайка Даарыйа олох илэ бэйэтинэн олорор курдук оҥоһуллубута — дьикти. Сарсыарда мин эрдэ турааччыбын. Олоҥхо Ыһыаҕа буолар сарсыардатыгар куолубунан эмиэ бэрт эрдэ туран, күүлэйдии сылдьан, арай киин уулуссаҕа пааматынньык туруоран кэбиспиттэриттэн соһуйдум. Көрбүтүм, доҕоор, Дария Андреевна илэ бэйэтинэн кэлэн олорор эбит! Мэктиэтигэр, тиийэн дорооболостум ээ. Онтон санаам олуһун көнньүөрдэ.

Уопсайынан, Хотугу улууска аан бастакы Олоҥхо Ыһыаҕа чуолаан Дьааҥыга ыытыллыбыта саамай сөптөөх. Манна олоҥхолооһун үгэһэ Худяков саҕаттан биллэр. Ону үйэтитэн тэрийбиттэрэ олус бэрт!

… Учуонай Василий Илларионов: “Дьааҥыга Худяков саҕаттан күн бүгүнүгэр диэри олоҥхо баар. Оччоттон баччааҥҥа диэри кэлбит үтүө үгэс быстыбакка, сайда турара хайҕаллаах суол”, — диэн кэпсэтиибитин олус астынан түмүктээтэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА