Самараҕа сэтинньи 9 — 16 күннэригэр боксаҕа Россия чемпионата ыытыллыа. Олимпийскай сезон иннинээҕи суолталаах киирсии буолар. Саха сириттэн алта боксер кыттар, хамаанданы аан дойду вице-чемпиона Василий Егоров баһылыа.
Боксаҕа Россия чемпионатыгар Саха сириттэн кыттыыга алта боксер путевка тутта: Борис Сидоров, Ян Максимов, Михаил Прокопьев (49 кг), Василий Егоров, Николай Григорьев (52 кг), Михаил Варламов (56 кг). Хамаанда лидера Василий Егоров Россия таһымыгар аан бастакытын 52 киилэҕэ диэри категорияҕа кыттыаҕа. Кини дойдуга 49 киилэҕэ диэри киирсэн, үс төгүл чемпионнаабыта.
Күрэхтэһии уон ыйааһыҥҥа буолуоҕа. 300 боксер Россия 85 регионуттан кыттара былааннанар. Күрэхтэһии түмүгүнэн Олимпийскай оонньууларга квалификационнай турнирга хамаанданы сүүмэрдиэхтэрэ. Бэлиэтээн эттэххэ, «Оонньуу-2020» кыттыыга путевкалары быһаарар Европейскай турнир Лондоҥҥа кулун тутар 13 — 23 чыыһылаларыгар, оттон аан дойду киэнэ — ыам ыйын 13 — 24 күннэригэр Парижка буолуоҕа.
Күрэхтэһииттэн аан дойду чемпионатыгар бастаабыт Россия боксердара Андрей Замковой (69 кг), Глеб Бакши (75 кг), Муслим Гаджимагомедов (91 кг диэри), Максим Бабанин (91 кг үөһэ) босхолоноллор.
This post was published on 28.10.2019 16:19 16:19