Варвара Потапова поэзиятын уус-уран уратылара

Бүгүҥҥү «Билим» альманахха тахсар ыстатыйа саха бастакы поэтессатын Варвара Потапова поэзиятын ырытыыга ананар. Сыала-соруга – В.Потапова поэзиятын уус-уран уратыларын көрүү. Поэтесса айар үлэтэ анаан-минээн үөрэтиллэ илик. Кини поэзията уратытынан: күүстээх санаалааҕынан, дьикти уобарастардааҕынан ааҕааччылары, кириитиктэри соһуппута уонна бэйэтин кэмигэр өйдөммөтөҕө. Билиҥҥи кэмҥэ Варвара Потапова ураты куоластаах поэтынан билиннилэр, поэзиятын  үөрэтии актуальнай буолла, кини айымньылара өлбөт-сүппэт суолталанан билиҥҥи ааҕааччы интэриэһин тардар. Талааннаах поэтесса айар үлэтин үөрэтии инники сорук быһыытынан турар.

Ааптар: Окорокова Варвара Борисовна, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн бэрэпиэссэрэ, билэлиэгийэ дуоктара

Варвара Потапова (1946-1979) – саха бастакы поэтессата. Кини “Күннээх халлаан” кинигэтэ 1972 с. тахсыбыта. В.Потапова дьикти поэзиятынан соһуппута, үгүстэр кини хоһооннорун өйдөөбөт этилэр. Ол эрээри эдэркээн поэтесса, бастакытынан, хорсун этэ, кини оччотооҕу олох туһунан тугу саныырын аһаҕастык эппитэ. Иккис өттүттэн, кини кырдьык туһугар охсуһааччыбын, кыра-хара дьоммун көмүскээччибин диэн сыал-сорук туруоруммута. Үһүс өттүттэн, Алампа поэзиятыгар сүгүрүйбүтэ уонна кини үгэстэрин салҕаабыта. Онон кини ураты куоластаах поэт быһыытынан биллибитэ. Оччотооҕу бобуу-тутуһуу баар кэмигэр кини санаата тууйуллара, айар үлэтин харгыстыылларыттан эрэйдэнэрэ, кылгас трагическай олоҕу олорон ааспыта.

Варвара Потапова поэзиятыгар гражданскай лиирикэтэ уһулуччу күүстээх этэ. Кини бу уратытынан эр дьон поэттары кытта күрэхтэһэр, ону ааһан кинилэри быдан куоһарар. Поэтесса күннээҕи олоҕу, событиелары ойуулаабат этэ, ону кытта дьахтар поэттар курдук күннээҕи санаатын-оноотун кутарынан эмиэ дуоһуйбат этэ. Ол да иһин хоһоонноро ахсаан да өттүнэн элбэх буолбатах этилэр. Кини, биллэн турар, туох туһунан тугу суруйарын билэр этэ, ол да иһин ылсан туран гражданскай лиирикэҕэ үлэлээтэҕэ. Кини «Сир кыыһабын» дэнэн олоҕу кырдьыктаахтык көрдөрүөн, Сортон да, Дьолтон ыраатыан баҕарбатын туһунан этэр. Поэтесса поэзиятыгар норуотун иэйиитин, санаатын биэрэринэн киэн туттар, муҥутуу дьоллонор:

Барыта баар хоһооҥҥо,

Муҥнаах-сордоох

Муҥун сүтэрбит

Үөрүүтэ,

Дьоллоох-соргулаах

Дьолун куоттарбыт

Кутурҕана («Барыта баар хоһооҥҥо…»).

В.Потапова норуотугар сулууспалыыр, норуотун дьолун туһугар охсуһар баҕалааҕын туһунан андаҕарын оҕо эрдэҕиттэн этэрэ. «Ийэ тыл» хоһоонугар кини ийэтин үүтүн кытта эмэн үүммүт төрөөбүт тылбытын таптыахпыт диэн андаҕайабыт диир. Кини төрөөбүт дойдутугар оҕо сылдьан ити суолга туруммутун туһунан этэр:

Ол кэмнэртэн, быһата,

Ордорбутум дохсун Ыраны,

Сир, Халлаан барыта

Силбэһэр сүдү ырыатын… («Күөх толбон сөтүөлүүрэ…»)

Уонна төрүү илик оҕотун, кырдьаҕас ийэтин, олох туһугар аан дархан андаҕар биэрэрин этэр:

Кырдьаҕас ийэм сылаас кыстыгын иһин,

Мин утары туруохпун баҕарабын

Уоттаах охсуһуу кирбиитигэр,

Уонна барыларын быыһаан ылыахпын

Уордайбыт тапталым күүһүнэн! («Тапталым күүһүнэн»).

Кини ити курдук охсуһааччы буолар аналы үрдүктүк тутара.

Л.Попов кыыс поэт охсуһааччы буоларын туһунан маннык ахтыбыт: «Кини олус истиҥ, аһаҕас, билбитин-көрбүтүн сайа саҥарар поэтесса этэ. Саҥаны, үүнэри, сайдары айхаллыыра. Улугурууну, өлүктүйүүнү харса суох утарара. Олоххо даҕаны, хоһоонноругар даҕаны халыыбы, киэби, бэлэм суолунан барыыны наһаа абааһы көрөрө. Улугуруу кэмигэр олорон, улугурууну утары хорсуннук бууннаан турбут поэт буолар. Кини охсуһуу поэта. Улугуруу кэмигэр хараастыбыт санааларын, муҥнаммыт дууһатын кистээбэккэ бар дьоҥҥо аһаҕастык арыйара» [3, c.167].

Поэтесса дохсун санаалара, үргүүк лыах тыллара кинини хахсаат тымныы дьыбарыгар анаабыттар да буоллар, кини бэйэтигэр туруорбут сыалын-соругун ситиһиэҕэр эрэллээх:

Буоллар буоллун,

Баҕам дьэ туоллун…

Эрэнэбин: мин санныбар

Сүгэ сылдьар сарсыҥҥыбар,

Уонна бар дьоҥҥо тапталбар,

Барыны кыайыах аналбар… («О, дохсун санаа аргыстара»).

Кини норуота кинини куруук, эрэниэҕин, итэҕэйиэҕин, таптыаҕын, сүгүрүйүөҕүн, кэлэр да кэмнэргэ араҥаччыһыт буолуоҕун билинэр:

Мин кэлэр кэмнэргэ кэриэс кэһиибин,

Мин үүнэр үйэлэргэ үрүҥ алгыспын… («Айманар айылгылаах мин ааргы сүрэҕим…»).

Эдэркээн кыыс оччотооҕуга соҥнонор общество идеалларыгар саарбахтыыр. Дьэ манна поэтесса “үс өһүөлээх итэҕэлэ” үөскээн тахсар, ол кини бу олоххо саамай өрө тутара буолар эбит. Кини поэт буолан үс кэми – ааспыты, билиҥҥини уонна кэлэри холбуу тутан өйдүөн, быһаарыан баҕарар. Айар киһи быһыытынан ыарахан кэмнэр бүрүүкээн туралларын билэрэ уонна ол хаһан эмит уларыйыан сөптөөҕөр эрэнэрэ. Варвара Потапова саха кэрэ сэһэннээх, баай тыллаах, дириҥ историялаах кырдьаҕас норуот буоларын билэр. Ону барытын сиргэ тэпсэн туран, суох оҥороллоруттан кыһыйар-абарар: «Сымыйа,/ Суох этилэр дьиикэй/ Норуоттар!» — диир.

Норуотун историятын интэриэһиргиир поэт кыыс былыргыны билиэн баҕата олус күүстээх этэ. Ону кини былыргы саха олоҕун кэрэһиттэригэр көрдүүрэ:

Көрдүүбүн киһи аймах сүтүктэрин

Ыаллар көспүт өтөхтөрүгэр,

Сууллар сулустар түмүктэригэр… («Олох уустук дииллэр…»).

Саха норуотун эрэйдээх-буруйдаах дьылҕатыттан, ыарахан олоҕо кинини эрэйдиир – эдэркээн бэйэтэ сүүрбэлээх сааһыгар «өҥүргэс санныгар сүгэ сылдьар» аналлааҕын туһунан этэр. Уонна саха норуотун тиит курдук лиҥкинэс дьонноро тоҕо бу санааҕа ылларбаттарын улаханнык дьиктиргиир даҕаны, буруйдуур даҕаны:

 Билигин

Историктары билиммэппин:

Кинилэр боруостуу иликтэр

Боччумнаах бу ааттарын… («Билигин…»).

Варвара Потапова Олох, Анал, Кырдьык, Көҥүл, Айылҕа уо.д.а.  сүрүн өйдөбүллэр тустарынан элбэхтик толкуйдаан, Өй үрдүк чыпчаалыгар тахсан, философскай лиирикэтин айбыта. Онно барытыгар кини бэйэтэ туспа көрүүлээх уонна халбаҥнаабат күүстээх санаалаах поэт буолар.

Варвара Потапова олоххо сыһыана олус ураты. Кини эрдэттэн олох киһиэхэ бэриллэр суолтатын туһунан толкуйдуура уонна онуоха итэҕэйэрэ. Кини киһиэхэ биирдэ бэриллэр олох диэн тугун билиэн-өйдүөн баҕалаах:

Киһи олоҕо диэн – хайа кыылый!?

Киһи үйэтэ, уһуна-дириҥэ төһөнүй?

Кими барытын итэҕэйэ, эрэнэ,

«Киһи сиэринэн» буолууну хайдах ситиһиэххэ?… («Киһи олоҕо диэн…»).

Поэтесса ити эрдэтээҥи бардам, дохсун санааларыгар үйэтин тухары бэриниилээх буоларга бэлэм:

«Хайа, ханнаный эн үлэҥ,

Үйэҕэр биэрэр өлүүҥ?»

Ити курдук миигиттэн

Утуйбат түүннэрим ыйыталлар,

Оҕо баҕам үлтүркэйдэрэ –

Биһигини умуннуоҥ – диэн хомойоллор.

Умнубаппын, доҕоттоор,

Умнубаппын баайбын…

Эрэнэрим бэйэм эрэ,

Эрэннэрэрим да эмиэ бэйэм… («Хайа, ханнаный эн үлэҥ…»)

А.И.Софронов поэт буолуу диэн улуу ойууҥҥа тэҥнээх диэн этэрэ. Оттон В.Потапова ону салҕаабыттыы, эмиэ этэр эбит:

Эбэм миэхэ кэпсээбитэ:

Улуу ойууттар өллөхтөрүнэ –

Буурҕалар улуйан саатыылларын,

Мастар санньыйа хоҥкуһалларын,

Сулустар бэл барыаралларын…

Арай, мин бас бэринэн, охтуум

Күһүҥҥү тыйыс өксүөҥҥэ –

Сэбирдэх араҕас кутурҕанынан

Сиргэ арыый намылыйа

Мунчаарыа дуо мэник тыалым?..  («Эбэм миэхэ кэпсээбитэ…»).

Манна поэтесса айар айылгытынан бэйэтин удаҕаҥҥа тэҥнэнэр эбит. Ол да иһин кини куруук андаҕары, алгыһы кытта сылдьар.

Поэтесса айар хоьоонноругар норуотун Куолаһынан ааҕынар буолан,  бэйэтин поэт быһыытынан үрдүк аналын олоҕун “күһүҥҥү өксүөҥҥэ хаайтаран олорор отчут-масчыт” дьонугар аныырын билэр:

Туох билиэй, баҕар, мин даҕаны

Толук буолуом Дьол ситэригэр,

Ол иһин ханнык да буурҕаны

Сирдьит оҥостуом Сир үрдүгэр.

Р.Баҕатаайыскай кинини аан бастакы “санаалаах поэтесса” диир. Кини хоһоонноругар сүрэх иэйиитэ уонна өй өрөгөйө толору көстөр. В.Потапова Олох, Дьол, Көҥүл, Кырдьык, Киһи анала курдук үрдүк философскай категорияларынан толкуйдуур.

Поэтесса олоҕу уонна буола турар быһыыны-майгыны дириҥник өйдүүрэ, ол да иһин ону олус ыарыылаахтык ылынара. Б.Попов Варвара Потапова «олох диалектикатын көрдөрөр поэт» диэн ааттыыр [2, с.5]. Поэтесса, чахчыта да, утары көстүүлэри харсыһыннаран, үрүҥү-хараны араарар, күлүк баар буолан, күн тыгар сирэ баар диэн этэр. Поэтесса үгүстүк ардаҕы, күһүнү туойар, бу, чахчыта да, санньыар кэм. Ол да буоллар оннук кэм баар буолан, дьол туолар, ол курдук хахсаат күһүн, ардах эһиилги сайыны, өҥ дьылы кэрэһилииллэрин кини билэр, онон ыарахан санааҕа хаайтаран хаалбат, оптимистическай санаата күүстээх буолан тахсар:

Мин бэйэм – күһүҥҥү айылҕабын…

Ити мин –

Эһиилги өҥ сайы алгыыбын («Көрбөккүөт…»).

Поэтесса уус-уран уобараһы айарыгар ханарытан этиилэри, метафоралары, тыыннааҕымсытыыны, тэҥнэбиллэри сөбүлээн туттар ньымалара буолаллара көстөр:

Күөх толбон сөтүөлүүрэ

Көтөр-мөҕөр Бүлүүбэр,

Күн сытыы сардаҥалара

Көй салгыны тыыналлара  («Күөх толбон сөтүөлүүрэ…»).

Ол эрээри В.Потапова ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалары олус баһымахтык туттубат, кини тыла-өһө судургу, намчы. Кини рифмаларын үксүгэр туохтуурдарынан биэрэрэ, этиилэрин, строкаларын туохтуурунан түмүктүүрэ көҥүл хоһоонноругар курдук эмиэ ураты интонацияны биэрэр: ааптар холкутук кэпсиир-сэһэргиир киэбинэн суруйар. Ол иһин кини хоһоонноро новеллистическай майгылаахтар: «Мин да оҕо этим, мин да билбитим…»; эбэтэр: «Эбэм миэхэ кэпсээбитэ…»

Поэтесса иэйиитин сүрүн уобарастара абстрактнай өйдөбүллэргэ олоҕураллар: үрүҥ санаа, чуор чуумпу, күөх таптал, үрүҥ түүл, хара санаа уо.д.а. В.Потаповаҕа тулалыыр эйгэтэ, мала-сала эмиэ ураты суолталаахтар – балаҕана, оһоҕо, түннүгэ, ыта, куоската, айылҕатын көстүүлэрэ уо.д.а. Олор бары бэйэлэрэ тылланан-өстөнөн, кэпсиир дьоҕурданан барарга дылылар:

Умнубутум мин дьиэбин,

Эрэллээх ыт дьүөгэбин,

Сиҥнибит үһү дьиэм өһүөтэ,

Ырааппыт ытым өлбүтэ…  («Мин да оҕо этим…»)

диэн ааптар ааспыттан букатыннаахтык арахсыбытын уонна ол киниэхэ күндү өйдөбүл, ахтыы буолан иҥэн хаалбытын туһунан этэр. Хайдах эрэ тыа олоҕун ахтар Есенин матыыптара киирэн кэлэр курдуктар. Санаа-оноо хоһоонун айар поэт сүрүн уобараһа – «сүрэх» 20-тэн тахсата туттуллубут. Онуоха кини сүрэҕэ буолар эбит этигэн, дохсун, ааргы, аҥала, тоҥуй… Кини «сүрэҕэ» айманар, долгуйар, ыалдьар, кыланар дьоҕурдаах эбит. Санаа эмиэ үгүстүк киирэр, кҥинилэр ыралаахтар, кынаттаахтар, дохсун, айаас, хобдох, курус, санньыар, сырдык буолан, лыах курдук үөмэхтэһэллэр, тэлээрэллэр, үөһэ көтүтэллэр. Үгүстүк туттар уобарастара – күһүн, ардах, тыал, сибэкки,  чуумпу, халлаан, сулус, былыт, күн уо.д.а. Эпитеттэрэ үгүстүк дохсун, айаас, сырдык, тымныы, курус, тыйыс, мунаах буолаллар. Онон Варвара Потапова, чахчыта да, хоһооннорун сүрэҕинэн айбыта, иэйиитин арыйбыта.

Поэтесса хоһооннорун ылымматтарыттан, өйдөөбөттөрүттэн кыһыйар-абарар, сүрэҕэ айманар түгэнигэр  айбыта, эппитэ-тыыммыта барыта таах хаалыаҕын туһунан этэр:

Барыта албын буоллаҕа,

Күдэҥҥэ көтөн хааллаҕа –

Ытыы-күлэ ыллаабытым,

Ыйдаҥа түүн илэ хаампытым… («Улуу буолбатах эбиппин…»).

Ол да буоллар инникитин өтө көрөр Поэтесса хоһооннорун өйдөөбөттөрүттэн  сонньуйар уонна үгэргиир:

Мин ханнык уоскулаҥы көрдүүрбүн,

Мин ханнык күөххэ тардыһарбын

Билиэ суоҕа хайа да өтө көрөөччү,

Билиэ суоҕа ханнык да дириҥи өҥөйөөччү… («Мин ханнык уоскулаҥы көрдүүрбүн…»).

В.Федоров кинини өйдөөбөттөрүн туһунан суруйбут: «Поэзия үргүүк аанньала – иэйии, бадаҕа, кинини, ким да суоҕуна бүөмнээн, хам кууһан эппэтэҕин этитэр, саҥарбатаҕын саҥардар быһыылааҕа. Кинини бэйэтин кэмин иннинэ эрдэлээн төрөөн, ырыаһыт этэ диэххэ сөп» [6, c.188].

Поэтесса дууһатын эрэйдэнэр-муҥнанар биир төрүөтүн Р.Баҕатаайыскай олус бэркэ бэлиэтии көрбүтэ: «Айылҕаттан бэлэхтэппит поэтическай (романтическай) фантазията прозаическай (реальнай) олоххо хаайтаран, онтон муҥурданар быһыылаах”,- дии саныырым. Алаас күөрэгэйин попугай килиэккэтигэр укпут курдук… Дьиҥнээх талаан оннук ини?!..» [1]. Варвара Потапова уоскулаҥы, чуумпуну билиммэт оргуйар олоххо тардыһар күүстээх энергията хаайтарарыттан муҥнаммыта чахчы.

С.Тарасов суруйбут: «Билигин биһиги Варвара Потапова хоһооннорун саҥалыы ааҕабыт. Уһулуччулаах, улуу да диэххэ сөп, хоһооннор суруллубуттар эбит. Мин билигин ол хоһооннорго Анна Ахматова, Алампа Софронов иэйэр-куойар куоластарын истэргэ дылыбын. Долгуйабын… Ытыахпын да, ыллыахпын да баҕарабын…» [5, c. 191].

Онон Варвара Потапова поэзиятыгар хорсун, кырдьыксыт, күүстээх санаалаах саха кыыһын характерын айбыта. Ол да иһин Н.Харлампьева маннык эппитэ: «Кини саха кыыһа киэҥ далааһыннаах дириҥ философскай санаалааҕын, таптала имэҥнээҕин, уодаһыннааҕын, тыла иччилээҕин, үгэргээһинэ хатыылааҕын ааҕааччыга аан бастаан итэҕэппитэ» [7, c. 194]. Иккис өттүттэн, кини айар киһи Көҥүлүн, Кырдьык туһугар Охсуһааччы, инникигэ олоҕу солооччу этэ.

Варвара Потапова поэзияҕа дьахталлартан бастакынан киирэн, айар үлэҕэ суолу тэлбитэ,  онон дьахтар поэзиятын саҕалаан, бу кэрэ эйгэҕэ ыҥырааччы, угуйааччы буолбута.

Литэрэтиирэ

  1. Баҕатаайыскай Р. Сандаарар сыһыыларбыт санаалардаах чыычаахтара// Саха сирэ. – 1998. – Алтынньы, сэтинньи.- №№ 191, 192, 205, 206.
  2. Попов Б. Басакы поэтесса // Потапова В. Үчүгэйиэн бу сиргэ. – Дьокуускай: Дьокуускайдааҕы кинигэ издательствота, 1989. – С.3-7.
  3. Попов Л. Билсиҥ – Варвара Потапова // Потапова В. Мин сырдык санньыарым… – Дьокуускай: Бичик, 2006. – С.166-168.
  4. Потапова В. Үчүгэйиэн бу сиргэ. – Доркуускай: Саха сиринээҕи кинигэ издательствота, 1989. – 112 с.
  5. Тарасов С. Анна Ахматова, Алампа иэйэр-куойар куоластарын истэргэ дылыбын…// Потапова В. Мин сырдык санньыарым… – Дьокуускай: Бичик, 2006. – С.189-193.
  6. Федоров В. Бииргэ үлэлээбиппит // Потапова В. Мин сырдык санньыарым…- Дьокуускай: Бичик, 2006. – С.187-189.
  7. Харлампьева Н. Дьэҥкир сурук.- Дьокуускай: Бичик, 2001. – 110 с.

This post was published on 03.12.2021 11:01 11:01