Кэлэр 2017 сыллааҕы бюджет социальнай хайысхаттан туораабат. Ити туһунан үп миниистирэ Валерий Жондоров бүгүн буолбут бырабыыталыстыба брифинигэр эттэ.
«Бюджет дохуотун уонна ороскуотун үөскэтии бигэ буоларыгар дьулуһабыт. Бюджет ресурсата бүтүннүүтэ тутаах хайысхаларга туһаайылларын болҕомто үөһүгэр тутуохтаахпыт», — диир миниистир.
Жондоров сабаҕалааһын быһыытынан дохуот быйылгы сыллааҕыга тэҥ буоларыгар тохтоото.
This post was published on 10.10.2016 16:34 16:34