Валерий Максимов Канадаҕа үлэлии барар

Саха сирин баһылыгын сүбэһитэ, экономика урукку миниистирэ Валерий Максимов РФ экономическай сайдыытын министиэристибэтигэр Канадаҕа атыы-эргиэн бэрэстэбиитэлин солбуйааччытынан үлэҕэ барар буолла.


«Мин бу дуоһунаска ананарым туһунан докумуоннарга илии баттанна. От ыйын бүтүүтэ дуоһунаспар киириэхтээхпин», — диэтэ Валерий Максимов.

Россия уонна Канада атыытын-эргиэнин боппуруостарын, тас экономическэй, инвестиционнай үлэни, хардарыта оҥоһуллар бырайыактары олоххо киллэриини, атыы-эргиэн боппуруостарыгар баар мөккүөрдэри быһаарыыны, таможня анал режимин олохтооһуну, о.д.а кини сүрүннүөҕэ.

Профессиональнай өттүнэн көрдөххө, Канада интэриэһинэй дойду. Россияны, чуолаан Саха сирин кытта айылҕатын-климатын туругунан олус майгыннаһар. Онно эмиэ биһиэхэ курдук, дьоно аҕыйах, массыына суола суох, куораттар бэйэ-бэйэлэриттэн ыраахтар.

Атын судаарыстыбаны иһиттэн үөрэтэргэ, салайыы хайдаҕын билэргэ уопут ыларга улахан кыах», — диир Максимов.

Канаданы кытта партнердуу сыһыаны олохтооһуҥҥа Саха сирэ Россия атын регионнарыттан көхтөөх. Бобуу кириэҕиттэн ыла ити биллэн турар, биллэ намыраабыт.

«Якутия» авиакомпания «Bombardier» көтөр ааллары атыылаһарыгар, айылҕа баайын туһаныыга уонна научнай чинчийиилэри оҥорорго Канада уонна Саха сирэ бииргэ үлэлиир. Ону таһынан өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар Канада «Silver Bear Resources» компанията баар. Бу тэрилтэ Кэбээйи улууһугар үрүҥ көмүһү хостуур.

«Канадалары кытта элбэх бырайыактаахпыт. Бизнес, култуура эрэ эйгэлэригэр буолбакка, телемедицинаҕа, Хотугу Форум чэрчилэринэн элбэх бырайыактаахпыт», — диир Максимов.

This post was published on 11.07.2016 15:17 15:17