«Все для Победы» бүтүн Россиятааҕы акция алтынньы 4 күнүгэр Саха сиригэр буолла. Аһымал телемарафона уопсастыба сомоҕо күүс буоларын эмиэ көрдөрдө.
Телемарафон түмүгүнэн Россиятааҕы народнай фронт регионнааҕы салайааччыта Валерий Лютый санаатын эттэ. «Сүрүн түмүк — биир сомоҕо буоларбытын көрдөрдө. Телемарафон уопсастыбаннай тэрилтэлэр күүстэринэн ыытылынна, быстах байыаннай хомуурга ыҥырыллыбыттарга, байыаннайдарга, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөр сыаллаах барда. Биһиги судаарыстыбабытын таҥнарбаппыт, туора туран хаалбаппытын көрдөрөн түмсэн биэрдибит», – диэтэ Валерий Лютый.
Кини эппитинэн, марафоҥҥа оробуочайтан саҕалаан, норуот депутаттарыгар тиийэ кытыннылар. «Биһиги эрдэ эппиппит үрдүнэн, көмөнү уу харчынан аҕалбыттар эмиэ бааллар. Телемарафон кэмигэр 1 мөл 200 тыһ солк кэриҥэ харчы хомулунна. Анал счекка төһө киирбитин билбэппин, акция саҕаламмыта ыраатта уонна салгыы барар. Икки хонуктаахха Россия үрдүнэн анал счекка 2 миллиард 750 мөл солк киирбитин этиэхпин сөп», – диэтэ кини.
Сиһилии https://ysia.ru/valerij-lyutyj-telemarafon-vse-dlya-pobedy-pokazal-konsolidatsiyu-obshhestva/