Вакцинация кэмигэр арыгы иһиитэ сэрэхтээх дуо?

РФ вице-премьера Татьяна Голикова ахсынньы 10 күнүгэр бырабыыталыстыбаҕа брифинг кэмигэр иһитиннэрбитинэн, коронавируска вакцинация кэмигэр арыгы иһии бобуута суох эрээри, саатар аҕыйах хонукка туттунар ордук. 


Россия бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Татьяна Голикова бэлиэтээбитинэн, баҕа өттүнэн быһыы ылааччы арыгыны иһииттэн аҕыйах хонукка туттунара ордук.

«Быһыы иннинэ үс уонна кэнниттэн үс күн итирдэр утаҕы иһииттэн туттунар наада. Иммунитет олохсуйуохтаах», — диэтэ кини.

Кини быһыы кэнниттэн атын дьону кытта алтыһыыны аҕыйатар ордугун, маасканы кэтэри, элбэх дьон мустар сириттэн акаастанары сүбэлээтэ.

Россия олохтоохторо дойдуга оҥоһуллубут икки вакцинаттан талан баҕа өттүлэринэн ылыахтарын сөп. Бастакы — Спутник V, Н.Ф. Гамалеи аатынан кииҥҥэ оҥоһуллубут, иккис — ЭпиВакКорона, «Вектор» Новосибирскайдааҕы кииҥҥэ айыллыбыт.

Вакцина икки түһүмэҕинэн бэриллэр, инъекция арыта 21 күн. Толору иммунитет 42-с хонугар олохсуйар.

This post was published on 11.12.2020 18:01 18:01