Саха сиригэр 5,3 мөл. солк. кэриҥэ ыраас кыһыл көмүһү уоруу иһин икки кэлии вахтовиктар буруйданнылар. Эр дьон Өлүөхүмэ оройуонугар саппыкыларыгар уонна үтүлүктэригэр производственнай территорияттан күндү металы таһаарбыттар.
51 саастаах эр киһи Хакасияттан вахтаҕа үлэлии кэлбит, кини 34 саастаах табаарыһа Красноярскай кыраайтан. Сүбэлэһэн баран уулларыллар көмүстэн сиргэ түспүтүн үтүлүктэригэр уонна саппыкыларыгар уктан таһаарар эбиттэр, ол кэннэ противогазка уга сылдьыбыттар. Уоруллубут көмүһү территорияттан таһааран анал сиргэ кистээбиттэр.
Вахта бүппүтүн кэннэ, көмүстэрин мөлүйүөнтэн тахса солкуобайга атыылаабыттар. Ол харчыны үллэстибиттэр. «2019 сыл тохсунньутуттан ыам ыйыгар диэри 5,3 мөл. солк. тахса суумалаах 2 киилэ кэриҥэ ыраас кыһыл көмүс концентратын уорбуттар», — диэн СӨ ИДьМ пресс- сулууспата иһитиннэрэр.
Буруйдаахтары Дьокуускай оперативниктара Красноярскай уонна Сорскайга спецназ этэрээт байыастарын күүһүнэн туппуттар. Кинилэри Саха сиригэр силиэстийэлиир дьайыылары оҥорорго тириэртилэр. Иккиэннэрин буруйдааҕынан билиннилэр. Хас биирдии киһи условнайдык 4 сыл көҥүлэ быһынна, мантан икки сыла холоон көрөр.
This post was published on 30.08.2022 12:04 12:04