ХИФУ ректора Анатолий Николаев соцситимнэринэн быһа эфир кэмигэр устудьуоннарга коронавируһу утары быһыыны туруоруу босхо буоларын иһитиннэрбитэ. Дьаһалы олунньу 1 күнүттэн саҕалыырга былааннаахтарын үөрэх кыһатын пресс-сулууспата СИА-ҕа иһитиннэрдэ.
Билигин үөрэх кыһатыгар бэлэмнэнии түһүмэҕэ: быһыы ылыан баҕалаахтары испииһэктииллэр, анамнез чуолкайдаһаллар, ханнык медкөрүүлэри ааспытын быһаарсаллар.
«Гам-Ковид-Вак («Спутник V») препарат кэлииитин баскыһыанньаҕа күүтэбит. Туттубут да, бэнидиэнньиктэн саҕалаабытынан барыахпыт. Биэстии киһинэн ыҥырыахпыт, деканаттар устудьуоннар испииһэктэрин оҥорон ыыталлар. Биир ампула биэс киһи вакцинацияланарыгар аналлаах. Онон биир эрэ киһи кэлэр түгэнигэр, ампула арыллыбат», – диэтэ ХИФУ клиникатын дириэктэрин солбуйааччыта Гаврил Эбиль.
Кыраапыгы университет саайтыгар көрүөххэ сөп.
«Улуустарга баар устудьуоннар олорор сирдэригэр быһыы ылалларын курдук механизм оҥоһуллар. Онон устудьуоннар куратордарын кытта билсэллэригэр ыҥырабыт», – диэн эбэн эттэ кини.
This post was published on 29.01.2021 10:02 10:02