Суһал мониторинг дааннайдарынан, сэтинньигэ «ОРВИ негриппозной этиологии» үрдүүр. Дьыл кэмэ онно сөп түбэһэр. Ол туһунан СИА-ҕа Роспотребнадзор управлениета иһитиннэрдэ. Тумууну эрдэттэн сэрэтэр быһыыны барыта 436 тыһыынчаттан тахса киһи ылла.
Лабораторнай мониторинг дааннайынан, өрөспүүбүлүкэҕэ парагрипп, аденовирус, RC-вирустар бааллара биллэр.
Сэтинньи 12 күнүнээҕи туругунан, тумууну сэрэтэр быһыыны 436 тыһ тахса киһи ылла.
Роспотребнадзор тумууттан харыстаныыга сүбэлэрэ:
— дьон мустар сиригэр сылдьартан туттунуҥ;
— ытырдаргытыгар уонна сөтөллөргүтүгэр биирдэ туттуллар салфеткаларынан туттуҥ;
— биирдэ туттуллар медицинскай мааскалары кэтиҥ сабыылаах сиргэ, дьон мустар сиригэр: атыы-эргиэн кииннэригэр, бааннарга, оптуобустарга, таксига уо.д.а.;
— айаххытын, муннугутун, хараххытын кирдээх илиигитинэн туттумаҥ (киһи бэйэтэ да билбэтинэн биир чааска 15-тэ маннык таарыйыыны оҥоруон сөп);
— илиигитин мыылалаан суунуҥ эбэтэр дезинфекциялыыр сириэстибэлэринэн туттуҥ;
— муннугут иһин суунуҥ, уулуссаттан киирдэххитинэ;
— смартфоннаргытын испиирдээх салфеткаларынан сотуҥ, дезинфекциялыыр сириэстибэлэринэн баата тампонунан ыраастааҥ;
— социальнай арыты — 1,5-2 м — тутуһуҥ;
— таһырдьа тоҥмот курдук таҥна сылдьыҥ;
— сылайымаҥ, уйулҕаҕытын харыстааҥ.
Тумуу сибикитин биллэххитинэ бэйэҕит эмтэнимэҥ, бырааста ыҥырыҥ.
This post was published on 13.11.2020 14:01 14:01