Кыһыҥҥы суолунан улуустарга 700 тыһ тахса туонна таһаҕас тиэйиэхтэрэ

Саха сиригэр кыһыҥҥы суолунан 700 тыһ тахса туонна таһаҕаһы тиэйэр былааннаахтар. Ол туһунан «Госкомбезопасность» тэрилтэ салайааччыта Дмитрий Лепчиков Якутия24 телеханаалга «Актуальное интервью» биэриигэ кэпсээтэ диэн, СИА суруйар.


«Үгэс быһыытынан сайыҥҥы навигация бүттэ да, кыһыҥҥыга бэлэмнэнии саҕаланар. Быйыл 700 тыһ тахса туонна олоххо-дьаһахха туттуллар таһаҕаһы тиэйэр былаанаахпыт: тутуу матырыйаала, чох уонна ньиэп. Навигация кэмигэр тирэх учаастактарга тириэрдитэлээбиттэрбитин салгыы сиринэн ыытыахпыт», — диэтэ Дмитрий Лепчиков.

Кини бэлиэтээбитинэн, алтынньыга уонна сэтинньигэ сылаас халлаан туран, кыһыҥҥы суол бигэргэммит кыраапыктан хойутаан арыллыан сөп.

«Холобур, Хатас — Павловскай хайысханан, былаан быһыытынан, ахсынньы саҥатыгар кыһыҥҥы суол арыллыахтаах, ити эрээри өрүстэргэ муус хойутаан туран, айаны хойутуу көҥүллүөхтэрин сөп. Тиэйии-таһыы болдьоҕо кыччаан биэрэр, онон туох баар күүһү холбоон, нэһилиэнньэлээх пууннарга таһаҕаһы кэмигэр тириэрдэр соруктаахпыт», — диэтэ кини.

This post was published on 19.11.2020 10:01 10:01