Узбекистан помидорун, биэрэһин Саха сиригэр киллэрэри боптулар

Россельхознадзор Саха сиринээҕи салаата Узбекистаантан киирэр помидордарга уонна биэрэстэргэ күрэҥ өҥнөөх мырчыстыы вируһун (вирус коричневой морщинистости плодов томата Tomato brown rugose fruit virus (ToBRFV) булан, оҕуруот астарын киллэриини тохтотто.


Россельхознадзор иһитиннэриитинэн, вирустаах оҕуруот астара сэтинньи 26 күнүттэн Узбекистан өрөспүүбүлүкэтин Ферганскай уобалаһыттан киирэллэрэ бобуллубут. Ыйыллыбыт кэм иннинэ сүөкэммит оҕуруот аһын лабораторнай экспертиза кэннэ РФ сиригэр тиэйиэхтэрэ.

This post was published on 01.12.2020 15:02 15:02