Бэркэ биллэр-көстөр 40 Арыы Курупааскылаах учаастагар ахсынньы аам-даам тымныыта түһэн турдаҕына Александра Васильевна уонна Федот Николаевич Кондаковтарга төрдүс оҕонон уол төрөөбүтэ. Бултаах-алтаах сиргэ төрөөбүт оҕо чороччу улаатан аҕатын кытта тэҥҥэ сылдьан бултааһын, балыктааһын кистэлэҥнэригэр уһуйуллубута. Кэлин дьоно Киччэҥҥэ көһөн киирэн кыыл иитэр фермаҕа үлэлээбиттэрэ. Бу уол элбэх киһини ууттан быыһыыр аналлааҕа. «Дабаан» хаһыат бүгүн, энергетиктэр күннэригэр, кини туһунан кэпсиир.
1961 сыллаахха Николай Кондаков Галина Жиркова диэн кыыстыын ыал буолбуттара. Манна олорон Сашаны, Гошаны уонна кыыстарын Любаны оҕоломмуттара. Онтон Николай үлэлиир таһаҕас таһар баржата Арҕас сэлиэнньэтигэр базаланар буолан, эдэр ыаллар онно көспүттэрэ. Манна кэлэн кыра уолларын Тиманы төрөппүттэрэ.
Тутууга, техникаҕа сыстаҕас Николай Федотович тэрилтэ тарбахха баттанар биир бастыҥ үлэһитэ этэ. 1973 сыллаахха “Кэбээйи” сопхуос Куокуйдааҕы отделениетын управляющай Павел Егорович Павлов этиитин ылынан, олохтоох станцияҕа дизелиһинэн киирбитэ. Үлэтин быыһыгар массыынанан нэһилиэнньэҕэ уу баһара. 1986 сыллаахха электростанция “Сельэнерго” бас билиитигэр киирбитэ, Николай Федотович ыстаарсайынан анаммыта. 2003 сыллаахха пенсияҕа тахсыар диэри уот ситимигэр таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Ити сыллар ыккардыларыгар тэрилтэ аата элбэхтик уларыйбыта. Үлэһиттэрэ да уларыйаллара.
Николай Федотович дьон-сэргэ убаастыыр киһитэ этэ. Кини бииргэ үлэлиир дьонугар болҕомтото, кыһамньыта, сайаҕас, сытыары-сымнаҕас майгыта үтүө холобур буолар. Ону сэргэ нэһилиэгин уопсастыбаннай олоҕор, култуурунай маассабай тэрээһиннэргэ өрүү кыттара. Кини үлэлиир сылларыгар тэрилтэ «Бастыҥ үлэлээх кэлэктиип» аатын хаста да ылбыта.
Николай Федотович Кондаков элбэх киһи олоҕо былаҕайга былдьаныахтааҕын быыһаабыт үтүөлээх. Ол маннык. Урут кинилэр Луҥха эбэ үрдүгэр 4 кыбартыыралаах дьиэҕэ олорбуттара. Үрэхтэн чугас буолан киирэ-тахса сылдьаллара. Биир күн улахан уолун Сашаны батыһыннаран үрэххэ мотуордарын оҥосто киирбиттэр. Куйаас күн Луҥха эбэ кытыла, буоларын курдук, толору оҕо, улахан дьон буолааччы. Бу да күн оҕо аймах мустан, сөтүөлээн булумахтаһыы бөҕө үһү. Биир кыыс оҕо үрүллүбүт курууктаах сылдьыбыт. Онтон Саша эмискэ: «Оҕо ууга түстэ», – диэбит да, ууга ыстанан кэбиспит, Николай уолун кэнниттэн ыстаммыт уонна куруугуттан мүлчү туттан ууга былдьана сыспыт оҕону быыһаан таһааран дьонугар туттарбыттар.
Иккис түгэн. Николай Федотович тракторга үлэлии сылдьан Тэтиҥ Аппа учаастагар биир киһи тракторынан ууга түспүтүн түбэһэ түһэн таһаарбыт. Онтон биир сайын 3 киһини ууттан быыһаабыт. Тыаллаах баҕайы күн мотуордаах дьон ууга түспүттэрин истээт үрэххэ киирэн мотуорунан ыстаннаран тиийбит уонна оҥочолоруттан тутуһа сылдьар дьону биир-биир бэйэтин оҥочотугар соһон таһаартаабыт.
Николай Федотович көрсүө-сэмэй, хаһан да кэпсэнэ сылдьыбат, көнө майгылаах киһи этэ. Ити быһылаан кэнниттэн Николай Федотовиһы «Ууга түспүт дьону быыһааһын иһин» диэн мэтээлинэн наҕараадалаабыттар. Аҥардас кини Киччэҥнээҕи олоҕо, үлэтэ-хамнаһа, онтон уот ситимигэр таһаарыылаах үлэтин сыллара тиһигин быспат кэпсээн буоллаҕа.
Ааптар: Татьяна Максимова-Лазарева
This post was published on 22.12.2018 17:21 17:21