«Саҕалааччы фермер» интеллектуальнай оонньууга Россия таһымыгар урукку сылларга Нам улууһун I-кы Хомустаах орто агрооскуолата «Тыйыс тымныылаах Саха Сирин усулуобуйатыгар козаны иитии» бырайыагынан призер, В.П. Ларионов аатын сүгэр Майа 1№-дээх орто оскуолата «Ыҥырыаны иитии барыһа» бырайыагынан кыттан кыайыылаах аатын ылбыттарын, Сахабыт Сирин үрдүк таһымҥа көмүскээбиттэрин билэбит.
Бу хас да үрдэллээх тэрээһин улуустааҕы түһүмэҕэ быйыл Уус Таатта орто агрооскуолатыгар үрдүк таһымҥа олунньу 15 күнүгэр ыытылынна. Аан бастаан ыытыллыбыт тэрээһиҥҥэ Таатта улууһун 5 агрооскуолата, «Таатта улууһа» муниципальнай оройуон баһылыга Михаил Михайлович Соров, Саха Республикатын агрооскуолаларын Союһун вице-президенэ Петр Гаврильевич Дягилев, Саха Республикатын туризмҥа уонна агроүөрэхтээһиҥҥэ республиканскатааҕы киин методиһа Наталья Михайловна Герасимова, Саха Республикатын наукатын Аччыгый Академиятын сүрүннүүр специалиһа, ветеринарнай наука доктора Людмила Михайловна Коколова, «Таатта улууһа» МО үөрэҕириигэ салалтатыттан начальнигы солбуйааччы Зинаида Петровна Охлопкова, кадр отделын сэбиэдиссэйэ Наталья Дмитриевна Осипова, «Таатта улууһа» МО ветеринарнай салалтатын салайааччыта Василий Иванович Баишев, «Таатта улууһа» МО тыа хаһаайыстыбатыгар салалтатын начальнига Владимир Михайлович Алексеев, солбуйааччы Григорий Семенович Таппыров, сүрүннүүр экономист Ольга Николаевна Маркова, «Таатта улууһа» МО предпринимательствоны өйүүр киинин директора Марианна Романовна Мосоркина, «Алдан нэһилиэгэ» МТ баһылыга Владимир Юрьевич Борисов кыттыыны ыллылар, дьүүллүүр сүбэҕэ, оонньуу ыытыллыытын кэтээн көрөр хамыыһыйаҕа үлэлээтилэр.
Оонньуу-куонкурус үс түһүмэҕинэн ыытылынна. Бастакы түһүмэххэ оскуолалар хамаандалара бизнес-бырайыактарын көмүскээтилэр. Манна саха народнай поэта С.Р.Кулачиков аатын сүгэр Чычымах орто агрооскуолатын хамаандата «Табунное коневодство, изготовление и реализация продукции коневодства», саха классик суруйааччыларыттан биирдэстэрэ Н.Д.Неустроев аатын сүгэр Уус Таатта орто агрооскуолатын хамаандата «Создание цеха по производству быстрозамороженных овощей и ягод», сахалартан бастакы очеркист Г.Д.Бястинов-Бэс Дьарааһын аатынан Чымынаайы орто агрооскуолатын хамаандата «Пчеловодство в селе Чымнай», саха литературатын төрүттээччи Өксөкүлээх Өлөксөй аатын сүгэр Дьохсоҕон орто агрооскуолатын хамаандата “ТааттаSafe”, партизан, буойун, салайааччы М.Н.Турнин аатынан Тыараһа орто агрооскуолатын хамаандата «Создание производственного центра по переработке жеребятины” бырайыактарын хамаанда хас биирдии кыттааччыта итэҕэтиилээхтик, ылыннарыылаахтык кэпсээтилэр.
Иккис түһүмэххэ оҕолор ситуацияҕа эппиэт биэрдилэр. Тыа хаһаайыстыбата кризиснэй ситуацияттан хайдах тахсыахтааҕын, крестьянскай фермерскэй хаһаайыстыба салайааччыта ханнык үлэлэри тэрийиэхтээҕин, тыа хаһаайыстыбатын сүнньүнэн үлэлиир программалар сокуоннарын билиигэ бэйэлэрин тургутан көрдүлэр.
Үһүс түһүмэххэ талан ылбыт бырайыактарын плакатынан, бородууксуйаҕа рекламалары оҥорон көмүскээтилэр.
Интеллектуальнай оонньуу-куонкурус түмүгүнэн кыайыылаах хамаанданан Чычымах оскуолата (салайааччылар Н.Н.Кулаковская, О.К.Чурукова, Р.И.Ючюгяева) ааттанна. Иккис миэстэни Чымынаайы (салайааччылар А.И.Собакин, Н.А.Куприянова), үһүс миэстэни Уус Таатта (салайааччылар П.К.Баишева, Д.Н.Тарабукина) агрооскуолалара ыллылар. «Таатта улууһа» муниципальнай тэриллии тыатын хаһаайыстыбатын «Кыайыыга дьулуурун иһин» анал аата Дьохсоҕон орто оскуолатын үөрэнээччитигэр Давыдов Иллариоҥҥа, «Биир тэҥ сөптөөх эппиэт» анал аат Тыараһа орто оскуолатын үөрэнээччитигэр Литвинцев Петяҕа, «Булугас өй» анал аат Чымынаайы орто оскуолатын үөрэнээччитигэр Антоева Соняҕа ананна. Таатта улууһун ветеринарнай управлениетын салайааччыта В.И.Баишев Уус Таатта орто оскуолатын үөрэнээччитигэр Шура Борисоваҕа, Таатта улууһун предпринимательствоҕа өйөбүл киинин директора Марианна Романовна Мосоркина Чычымах орто оскуолатын үөрэнээччитигэр Алена Налыяховаҕа бэйэлэрин анал бириистэрин туттардылар.
Тэрээһин ыытыллыытыгар Уус Таатта орто оскуолатын салалтата (директор Г.Г.Винокуров), «Аргыс» оҕо тэрилтэтэ (педагог-организатор А.С.Кочнева), Уус Тааттатааҕы оҕо искусствотын оскуолатын иһинэн үлэлиир «Татыйык» оҕо үҥкүү ансаамбылын иитиллээччилэрэ (салайааччы Е.П.Голикова) күүс-көмө буоллулар. Бу күн «Кылынан өрүү» (маастар Л.И.Чахова), «Ручной труд» (маастар З.С.Бехтюева) куруһуоктар үөрэнээччилэрин оҥоһуктара, ветеран-учуутал А.Д.Данилова аатын сүгэр орто оскуола кыраайы µірэтэр музейын матырыйааллара (музейнай педагог А.Н.Неустроева), Чычымах орто оскуолатын үөрэнээччилэрин уонна төрөппүттэрин кылынан өрүү оҥоһуктара, эмтээх оттор уонна эт-үүт, бурдук астар быыстапкалара турдулар. Таатта улууһун тыатын хаһаайыстыбатыттан солбуйааччы Григорий Семенович Таппыров бэрэссэдээтэллээх дьүүллүүр сүбэ үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээтэ.
Тыа сиригэр үлэлиир оскуолалар агрохайысханы тутуһан үлэлииллэрэ хайҕаллаах суол. Маннык үөрэх кыһаларыттан инникитин тыа сирин олоҕун сайыннарар, сылгы-ынах сүөһүнү дэлэтэр, аныгылыы өйдөөх-санаалаах ыччаттар тахсыахтара.
Кыайыылаах Чычымах орто оскуолатын үөрэнээччилэригэр Таатта улууһун аатын республикаҕа тиийэн ситиһиилээхтик көмүскээтиннэр диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит.
This post was published on 19.02.2018 15:37 15:37