Быйыл атырдьах ыйын 9 күнүттэн “Якутия” авиахампаанньа 3-с кылаастаах көтөр ааллара Өймөкөөн улууһун Уус Ньара аэропордугар сырыылара тохтообута.
Төрүөтэ – улуус киинин Уус Ньара аэропордун саҥардан өрөмүөннээһин. “Якутия” авиахампаанньа салалтата сөмөлүөттэр саҥардыллыбыт аэропорка б.дь. балаҕан ыйын 12 күнүттэн сырыыларын саҕалыахтара диэн биллэрбиттэрин туһунан Улуус.медиа иһитиннэрбитэ. Улуус олохтоохторо ол кэмтэн ыла үһүс ыйдарын сөмөлүөтүнэн көппөккө олороллор. Көтөр аалынан сүрүннээн массыына уһун айанын тулуйбат ытык кырдьаҕастар — тыыл бэтэрээннэрэ, киин куоракка көрдөрүнүөхтээх улуустааҕы балыыһаттан направлениелаах ыарыһахтар, кыра оҕолоох төрөппүттэр, инбэлиит дьон туһаналлар. Онон бу дьон Уус Ньара аэропорда аһылларын күн-түүн кэтииллэр.
Б.дь. алтынньы 2 күнүгэр AEX.RU федеральный саайт «Ространсмодернизация» ФКУ пресс-сулууспатыгар сигэнэн “Уус Ньара аэропордугар көтөр балаһа өрөмүөнэ түмүктэннэ” диэн суруйда. Онно “1670 м көтөр балаһа Bombardier Q300, Ан-12, Ан-24, Ан-26, Ан-38, Ан-72, Ан-140, Як-40, Л-410 курдук сөмөлүөттэри түһэрэр кыахтанна” диэн сырдатыллар. Хомойуох иһин, биир да официальнай сирэй аэропорт хайдах тутулла турарын, хаһан туох үлэ түмүктэнэрин сиһилии быһаарбат буолан, улуус олохтоохторо “олох туох да үлэ барбакка турар үһү” диэн онтон-мантан сурах хоту истиһэн, бэйэ-бэйэлэригэр араас бигэргэммэтэх сураҕы-садьыгы тарҕата олороллор. Көтөр былаһаакка оҥоһуута түмүктэммит буоллаҕына, үөһэ этиллибит саайт суруйарынан “аны энергетика тутуулара, баһаары бохсуу үлэтин ыытар ыстаансыйа, уматык ыскылаата уо.д.а. суолталаах эбийиэктэр тутуллуохтаахтар”. Онон бу тутуу эмиэ бириэмэни эрэйэрэ чахчы. Оттон аан дойдуга тымныытынан аатырар Өймөкөөҥҥө номнуо кыһын кэллэ. Мантан инньэ тымныы кэмҥэ сөмөлүөт сырыыта олохтоноро тыын боппуруоска кубулуйуоҕа. Онон олохтоохтор долгуйуулара оруннаах.
Бу суолталаах боппуруос миэстэтигэр хайдах быһаарылларын улуустааҕы олох-дьаһах сайдыытын уонна үлэни-хамнаһы тэрийэр, быраабы хааччыйар сулууспа салайааччыта Василий Поскачинтан ыйыталастым.
— Соторутааҕыта Уус Ньара аэропордугар тиийэн миэстэтигэр үлэ-хамнас хайдах бара турарын билистим. Олохтоохтор дьиксинэллэрэ сөптөөх. Генеральнай бэдэрээтчит “Альянс-2005” ХЭУо бэрэстэбиитэллэрэ бэлиэтииллэринэн, кыраапыктан хаалан иһэллэр. Төрүөтэ – үлэһит илии, тиэхиньикэ тиийбэт. Биллэн турар, бу боппуруоһу улуус дьаһалтата кытаанах хонтуруолга ылан, бу күннэргэ СӨ Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтин салалтатыгар официальнай суругу суруйан тиэрдиэхпит, үлэ хаамыытыгар болҕомтобутун ууруохпут, — диэн бэлиэтээтэ.
Уус Ньаратааҕы аэропорт өрөмүөнэ «Эрэгийиэннэр аэропортарын сайыннарыы» федеральнай уонна «Магистральнай инфраструктураны саҥардыы уонна кэҥэтии» (КПМИ) национальнай бырайыактар чэрчилэринэн ыытыллар. Онон суолталаах боппуруос кэмигэр быһаарыллан, Уус Ньаратааҕы аэропорт өрөмүөнэ түмүктэнэн, сөмөлүөт сырыытын боппуруоһа суһаллык быһаарылларын Өймөкөөн улууһун олохтоохторо эрэнэ кэтэһэллэр. Сайыҥҥы кэмҥэ уһун ардахтартан айан суолларын сырыыта харгыстанарыттан, кыһынын салгын суола суоҕуттан Тымныы полюһун олохтоохторо эрэйи көрөллөрө тохтуура буоллар.
Елена Потоцкая, Саха сирэ
This post was published on 05.10.2023 17:10 17:10