Уус-Майаҕа аныгылыы балыыһа комплексын тутуута 2023 сылга түмүктэнэрэ былааннанар. Объект «Доруобуйа харыстабылын» национальнай бырайыагынан үлэҕэ киириэхтээх. Бүгүн Уус-Майа оройуонугар кэлэ сылдьан үлэ хаамыытын Саха сирин баһылыга Айсен Николаев бэрэбиэркэлээтэ.
Оройуоннааҕы балыыһа кылаабынай бырааһа Татьяна Рогожина иһитиннэрбитинэн, билигин ЦРБ подразделениелара бары биир сиргэ бааллар, саҥа дьиэни үлэҕэ киирдэҕинэ, биир сиргэ эрээри тус-туһунан киирии ааннаныахтара, оччоҕо санитарнай нуормаҕа эппиэтиир буолуоҕа.
«Биһиги бырайыактыыр тутуубут ыарыһахтарга да үлэһиттэргэ даҕаны табыгастаах буоларын баҕарабыт, тоҕо диэтэххэ, балыыһаҕа үлэһиттэр хас даҕаны сменанан үлэлииллэр. Ону тэҥэ балыыһа комплекса блочнай буолуоҕа, бу коронавирус пандемиятын курдук атын отделениены араарар эбэтэр көһөрөр наадатыгар көмөлөһүөҕэ», – диэтэ Татьяна Рогожина.
Саҥа балыыһа комплексын тутуу 2021 сылтан саҕаламмыта. Комплекс 45 куойка ороҥҥо уонна поликлиникаҕа 104 киһи бир сменаҕа сылдьарыгар суоттаммыт.
5924 кв. м иэннээх үс мэндиэмэннээх таас дьиэ сабыылаах икки блоктан турар уонна икки ардыларынан супту ааһар переходтаах буолуоҕа. Балыыһаҕа тастан сылдьарга 6 миэстэлээх буолуоҕа, диагностическай блок уонна улахан дьоҥҥо уонна оҕолорго приемнай отделение баар буолара былааннанар.
Санатан эттэххэ, урукку балыыһаны өрөспүүбүлүкэ баһылыгын сорудаҕынан ыытыллыбыт экспертиза кэнниттэн саахалланар туруктаах диэбиттэрэ.
This post was published on 13.07.2022 16:01 16:01