Уус Майа улууһугар тахсыбыт умайыыга 27 туонна ууну ыстылар

Фото: МЧС

Уус Майа улууһугар Уус-Миль нэһилиэнньэлээх пуун чугаһыгар ойуур уотун умуруорууга Россия ЫБММ сөмөлүөтэ кытынна.

Умайыы тахсыбыт сиригэр 27 туонна уу кутулунна. Салгыы биэдэмистибэ аэромобильнай бөлөҕө үлэлиир. Балаһыанньа уустугурдаҕына ЫБММ суһаллык эбии күүһү биэрэрдии олоорор.

Билиҥҥи дааннайынан, өрөспүүбүлүкэҕэ 122 уот туруута бэлиэтэнэр.

This post was published on 13.07.2023 17:28 17:28