Уус-Майаҕа "Россия ийэлэрэ" уопсастыбаннай хамсааһын филиала арылынна

Уус-Майа оройуонугар ааһан эрэр нэдиэлэ сүрүн тэрээһининэн «Россия ийэлэрэ» уопсастыбаннай хамсааһын филиала арыллыбыта буолар. 


Оройуоҥҥа «Россия ийэлэрэ» уопсастыбаннай хамсааһын Саха сиринээҕи  салаатын бэрэссэдээтэлэ Прасковья Борисова тиийэ сырытта.

Кини «Рассвет» дьиэ кэргэттэргэ уонна оҕолорго социальнай көмө киинигэр, оройуоннааҕы киин балыыһаҕа, Петропавловскайдааҕы агрооскуолаҕа сырытта уонна оройуон көхтөөх дьонун кытта көрсөн кэпсэттэ.

Бэрэссэдээтэл оробуочай сырыытын түмүгүнэн, «Россия ийэлэрэ» хамсааһын Уус-Майатааҕы салаата арылынна, бэрэссэдээтэлинэн муниципальнай сулууспа бэтэрээнэ, Петропавловскай нэһилиэгин Бочуоттаах киһитэ Нелли Дейбук ананна.

This post was published on 10.06.2016 12:55 12:55