Ааспыт сууккаҕа Уус Маайа оройуонугар икки ойуур баһаарын буллулар, биирин тута умуруордулар, иккис баһаары тохтотор үлэ салгыы бара турар. Бу туһунан брифинг кэмигэр өрөспүүбүлүкэ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна тыатын хаһаайыстыбатыгар миниистири солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.
«Авиационнай мониторинг түмүгэр Уус Маайа улууһун сиригэр-уотугар 2,5 гектар иэннээх икки ойуур баһаарын буллулар. Биир 2,2 гектар иэннээх баһаары тута тохтоттулар. Атын ойуур баһаара 1,4 гектар иэннээх сиргэ умайа турар, билигин ону умуллара сылдьаллар», — диэтэ миниистири солбуйааччы.
Коноплев этэринэн, уоту умуруорууга 26 киһи кытынна. Ону таһынан ааспыт сууккаҕа Абый оройуонун сиригэр-уотугар биир ландшафтнай баһаары тохтоттулар.