Уус-Маайа улууһугар 18,7 тыһыынча туонна таас чоҕу тиэрдиэхтэрэ

Саха сирин баһылыга Айсен Николаев атырдьах ыйын 3 күнүгэр Уус-Маайа бөһүөлэгэр рабочай үлэтинэн бара сылдьан, оройуон социальнай- экономическай сайдыытын боппуруостарыгар сүбэ мунньаҕы ыытта.

Өрөспүүбүлүкэ салайааччыта этэринэн, Уус- Маайа оройуонугар бырамыысаланнас сайдыытын боппуруостарыгар улахан болҕомто ууруллуон наада. Көмүс хостооһунун таһынан саҥа кэскиллээх хайысхалары, ол иһигэр углеводород хостооһуну сайыннарыахха сөп.

Айсен Николаев «Сардаана» диэн сиргэ сибиниэс-сыыҥка хостооһунун сөргүтүүнү саҕалыырга сүбэлээтэ.

Уус-Маайа оройуонугар барыта 18 788 туонна таас чоҕу тиэрдэри былаанныыллар. ПАО «ЛОРП» бу сорудаҕы 100 % толорорго бэлэм.

This post was published on 04.08.2023 14:30 14:30