Уус-Маайа Петропавловскайыгар саҥа уһуйаан дьиэтэ аһылынна

Уус-Маайа Петропавловскай нэһилиэгэр 90 миэстэлээх оҕо саада аһылынна. Эбийиэк «Демография» национальнай бырайыак көмөтүнэн, Өлүөнэтээҕи Холбоһуктаах Өрүс Пароходствотын үбүлээһининэн тутулунна.


1959 сыллаахтан үлэлиир «Аленушка» оҕо саада икки эргэ, 60-80-с сыллардааҕы тутуу дьиэлэринэн, үлэлээбит. Саҥа тутуу икки этээстээх, 1 605,54 кв миэтэрэ иэннээх. Манна алта бөлөх, музыкальнай, спортивнай саалалар, куукуна, оранжерея, быраас хоһо бааллар.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Ил Дархан Айсен Николаев кытынна.

This post was published on 26.01.2021 15:01 15:01