Уус-Маайа Элдьикээн ыккардыгар паром сырыыта саҕаланна

«Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах өрүс пароходство» ПАУо көмөтүнэн Уус-Маайа Элдьикээн хайысханан паром сырыыта саҕаланна. Бу туһунан тэрилтэ пресс-сулууспатыгар сигэнэн СИА иһитиннэрэр.  


Уус-Маайа олохтоохторо, ордук Алдан өрүс нөҥүө кытылыгар олорор дьон сайын аайы Элдьикээҥҥэ, атын нэһилиэктэргэ кэлээри-бараары эрэйдэнэллэр. Уус-Маайа улууһун баһылыга Александр Антипин көрдөһүүтүнэн «Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах өрүс пароходствота» «БТВ-314» диэн баржалаах буксир-толкач биэрдэ. Паром нэдиэлэҕэ иккитэ — бээтинсэҕэ уонна баскыһыанньаҕа сылдьыа. Аара Ээдьээҥҥэ тохтоон ааһар буолуо.

This post was published on 14.07.2020 16:01 16:01