Уус Күөлгэ Баал Хабырыыһы уруйдаатылар

Саха норуота таптыыр, ытыктыыр бэйиэтэ Гавриил Вешников-Баал Хабырыыс төрөөбүт күнүн көрсө  Уус Алдан улууһугар, Уус Күөлгэ,  олунньуттан былааннаах үлэ саҕаламмыта. Далааһыннаах тэрээһиҥҥэ нэһилиэк олохтоохторо көхтөөхтүк кытыннылар.


«Биир дойдулаахпыт бэйиэт-лирик  Баал Хабырыыс  төрөөбүтэ 98 сылын бэлиэтиир сэргэх тэрээһин буолла.  Оскуола оҕолоругар «Бэйиэт үрдүк анала» диэн кинигэ быыстапката  туруорулунна, кылаастарынан  бэсиэдэлэр, араадьыйанан биэриилэр көхтөөхтүк ыытылыннылар.  Оскуола аактабай саалатыгар Баал Хабырыыс сааһы туойбут хоһооннорунан литературнай  киэһэ буолла.  Манна оҕолор бэйиэт саас туһунан хоһооннорун дорҕоонноохтук аахтылар, ырыа буолбут хоһооннорун киэн туттан ыллаатылар.  Баал Хабырыыс «Ньургуһуннар» хоһоонуттан сиэттэрэн уонна сандал саас кэлбитинэн оҕолорго  араас матырыйаалтан ньургуһун оҥоруутугар биллэриллибит куонкурус ураты сэргэх буолла. Истиҥ биэчэри бары күргүөмүнэн «Туос түннүгүнэн»  диэн ырыанан түмүктээтилэр.

Онтон «Чуораанчык» оҕо саадын иитиллээччилэригэр  олунньуттан саҕаламмыт  «Баал Хабырыыс поэматыгар ыалдьыттыыбыт»  диэн акциябыт түмүктүүр киэһэтэ  бибилэтиэкэҕэ  ыытылынна.  Манна эрдэттэн оҕолор төрөппүттэрин кытта  Баал Хабырыыс хоһооннорунан бэйэлэрэ оҥорбут кинигэлэрин куонкурустара буолла, хоһооннорун өйтөн аахтылар,  медиабэсиэдэ иһиттилэр, ырыаларын ыллаатылар.

Маны сэргэ, Курбуһахтаахтааҕы кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр дьиэлэригэр  эмиэ биир дойдулаахпыт олоҕун уонна айымньыларын сырдатар  тэрээһин бэрт сэргэхтик буолла», — диэн кэпсиир бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйэ Марфа Пестрякова.

Нэһилиэк олохтоохторо Баал Хабырыыска аналлаах тэрээһин  олус табыллыбытыттан үөрэллэр. Кэнчээри ыччаттара аар-саарга аатырбыт ытык киһилэрин үчүгэйдик билэ улааталларыттан улаханнык астыналлар.

Сардаана Баснаева

This post was published on 22.04.2016 16:50 16:50