Уус алданнар намнарга көмөлөһөллөр

Нам улууһун халаан уутуттан эмсэҕэлээбит нэһилиэктэригэр Уус Алдан улууһун дьаһалтата уонна улуустааҕы «Россия ийэлэрэ» хамсааһын биллэрбит икки нэдиэлэлээх аһымал аахсыйата түмүктэннэ.

Гуманитарнай көмөҕө барыта 18 тэрилтэ, 14 нэһилиэк 16 бөһүөлэгин олохтоохторо (Курбуһах, Байаҕантай, Дүпсүн (Дүпсүн, Бээди), Бэрт Ууһа, I Өспөх, I Хоро, II Байаҕантай, Бороҕон, II Лөгөй, Суотту, Өнөр, Өлтөх (Арыылаах, Бэйдиҥэ), Баатаҕай, Хоро), «Күндүүнэ», «Уһуктуу», «Дьол уйата» түмсүүлэр, Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларын 9-с кылааһа, «Сайдам» маҕаһыын хаһаайына В. Петров, ИП Васильева, «Инсток-Борогонцы» маҕаһыын, Дьокуускайдааҕы медколледж улуустааҕы филиалын устудьуоннара көмөлөрүн ууннулар. Ону таһынан амарах санаалаах биирдиилээн 19 киһиттэн көмө киирдэ.

Көмөҕө киирбит малы-салы Намҥа илдьэн туттарыахтара уонна улуустан үлэлиир бөлөх барсан, Маймаҕа нэһилиэгэр субуотунньуктуохтара. Бу аахсыйаҕа кыттыбыт хас биирдии киһиэхэ улуустааҕы «Россия ийэлэрэ» түмсүү бэрэссэдээтэлэ Сусанна Аммосова уонна көмөнү тутарга көмөлөспүт улуустааҕы психологическай киин үлэһиттэрэ барҕа махталларын тиэрдэллэр. Итиэннэ малы наардыырга, суулуурга күн аайы иккилии киһини ыытан үлэлэппит улуус дьаһалтатыгар махтаналлар.

Ааптар: Мария Аргунова, мюрюгазета.рф

This post was published on 31.05.2024 13:55 13:55