Уус алданнар уонна космонавт Кононенко = доҕордоһуу далаһата

Россия геройа, летчик-комсонавт Олег Кононенко Саха сиригэр СӨ Ил Дарханын Егор Борисов ыҥырыытынан кэлэ сылдьыыта, үрүҥ тунах ыһыах күндү ыалдьытынан буолуута бүтүн норуокка үөрүүнү сахта. Ыраахтан кэлбит ыалдьыт Уус Алдаҥҥа тахсан дьону-сэргэни кытта көрсүбүтүн, истиҥник сэһэргэспитин туһунан улуустааҕы киин бибилэтиэкэ дириэктэрэ Варвара Окоемова кэпсээтэ. 


«Улууспутугар улахан долгутуулаах күннэр буолан аастылар. Ол курдук Россия геройа, космонавт Олег Кононенко дьиэ кэргэнинээн, «РИСКСАТ» космос эйгэтин үөрэтэр, научнай чинчийиилэринэн дьарыктанар ХЭУо генеральнай дириэктэрэ Алексей Кучейко, уо.д.а. кэлэ сырыттылар. Бастатан туран, космонавт Суоттуга «Доҕордоһуу» музей-комплексын дириэктэрин, улуу суруйааччы Өксөкүлээх Өлөксөй сиэнин Раиса Кулаковскаяны ааттаан-суоллаан анаан тахса сылдьыбыта элбэҕи этэр. Хайа да өттүттэн улахан долгутуулаах көрсүһүү буолла. Раиса Реасовна эһэлэрин Өксөкүлээх Өлөксөйү Олег Кононенко космостан аан дойдуга ааттаппытын, куйаартан планета дьонугар хоһоонун аахпытын иһин истиҥник махтанна. Онтон космонавт бөлүһүөк суруйааччы Алексей Кулаковскай уонна хомус кинини Саха сирин кытта ыкса сибээстииллэрин киэн туттан бэлиэтээтэ.

Ыалдьыттар салгыы оскуола учуутала, космонавтика, авиация эйгэтин сэҥээрэн өр сылларга дьарыктаммыт, коллекционер Станислав Луковцев быыстапкатын кэрэхсии көрдүлэр. Саха драматическай тыйаатырын артыыстара Өксөкүлээх Өлөксөй хоһооннорун ааҕан иһитиннэрдилэр.

Салгыы өрөспүүбүлүкэбитигэр космонавтика уонна авиация соҕотох музейын үлэтин-хамнаһын билсэ Дүпсүҥҥэ (дириэктэр Данил Жирков) тиийдилэр. Манна кинилэр музей  үлэтин-хамнаһын билистилэр. Тоһуттар тымныылаах дойду оҕолоро космос, куйаар, авиация эйгэтинэн умсугуйан дьарыктаналларын сөхтүлэр, хайҕаатылар. Куонкурустарга, НПК кыттыбыт үөрэнээччилэри көрсөн үөрдүлэр. Тэрээһин түмүгэр ыраахтан кэлбит ыалдьыттар музей үчүгэй дьиэлээх-уоттаах буоларыгар баҕардылар. Сибээһи салгыах, үлэни-хамнаһы өйүөх, билсэ туруох буоллулар. Оҕолору конференцияларга кытта туралларыгар ыҥырдылар», — диир Варвара Николаевна.

Уус алданнар, кырдьык, улаханнык сэргэхсийбиттэр. «Бөлүһүөк Өксөкүлээх хоһоонун куйаартан аахпыт космонавы уу харахпытынан көрүү, илии тутуһуу, сэргэстэһэ олорон дуоһуйа сэһэргэһии, үлэбитинэн сибээһи олохтооһун – бу биһиэхэ улахан үөрүү, дьол»,- дэһэллэр. Умнуллубат көрсүһүү тэриллибитигэр СӨ Ил Дарханыгар Егор Борисовка, хомус уонна кинигэ космоска тахсыытын туруорсубут бырайыак ааптарыгар «Сахамедиа РИИХ» ААУо генеральнай дириэктэрин I солбуйааччы Афанасий Ноевка махтаналлар.

Санатар буоллахха, космонавт Олег Кононенко 2011 сыллаахха куйаарга тахсан хомуска оонньоон дьүрүһүппүтэ. Ирдэбилгэ сөп түбэһэр 70 граммнаах хомуһу, онно 20 гр ыйааһыннаах хаатын норуот маастара Револий Чомчоев чочуйбута. Онтон былырыын космоска Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй кинигэтин илдьэ тахсан, куйаартан «Хомус» хоһоонун ааҕан, улуу киһи алгыһа аан дойдуга көмүс ардахтыы кутуллубута. Бу күннэргэ Россия геройа Олег Кононенко кый ыраах куйаартан ууруллубут ыраас, дьэҥкир доҕордоһуу далаһатынан эрэллээхтик хааман Саха сиригэр өссө төгүл ыалдьыттаата.

This post was published on 29.06.2016 17:47 17:47