«Уус Алдан улууһун киинигэр Донбасс уонна Луганск өрөспүүбүлүкэлэрин олохтоохторугар уонна Украина беженецтэригэр анаан гуманитарнай көмөнү хомуйуу аахсыйата муус устар 14 күнүгэр диэри салҕанар. Көмөнү улуус дьаһалтатын дьиэтигэр мунньахтыыр Улахан саалаҕа аҕалыаххытын сөп», – диэн улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Аһымал аахсыйаҕа хаһаайыстыбаҕа наадалаах малы, түргэнник буорту буолбат аһы-үөлү, таҥаһы уонна харчынан көмөнү туталлар.
Аахсыйаҕа бастакынан Чэриктэй нэһилиэгиттэн «Эрэлчээнэ» уһуйаан, Танда орто оскуолатын, Түүлээх нэһилиэгиттэн «Кэскил» уһуйаан кэлэктииптэрэ бастакынан кыттыспыттар, оттон 10000 солкуобай суумалаах көмөнү Уһун Күөл орто оскуолатын кэлэктиибэ оҥорбут.
Улуус олохтоохторун аһымал аахсыйаҕа кыттыһыҥ диэн туран, хомуллубут гуманитарнай көмөнү муус устар 15 күнүгэр Дьокуускайга тиэрдэллэрин иһитиннэрэллэр.
This post was published on 13.04.2022 18:01 18:01