Уус Алдаҥҥа улуус кииннэммит тиһигин библиотекалара төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр элбэх сэргэх тэрээһини ыыттылар. Олортон биирдэстэринэн, Сергей Васильев-Борогонскай аатынан киин библиотека Мүрү нэһилиэгин дьаһалтатын кытта түөлбэлэр икки ардыларыгар биир кэлим күрэх чэрчитинэн диктаны суруйууну көҕүлээн тэрийиилэрэ буолар.
Бу туһунан СИА библиотека методическай киинин сэбиэдиссэйэ Февронья Федорова кэпсиир:
«Диктаны Амма Аччыгыйа «Сур соноҕос» айымньытынан суруйдулар. Манна нэһилиэк 15 түөлбэтиттэн 14-дэ кытынна. Түмүккэ «Ситим», «Кустук», «Мүрү» түөлбэлэр олохтоохторо кыайыылаахтарынан буоллулар. Бу олохсуйбут үтүө үгэскэ нэһилиэктэрбит библиотекалара бары олус көхтөөхтүк кытыннылар. Ол түмүгэр, быйыл улуус үрдүнэн 294 киһи диктант суруйда», — диэтэ.
This post was published on 19.02.2016 16:43 16:43