Уус Алдан улууһун киин балыыһатын быраастара Суоттуга уонна Майаҕаска нэһилиэнньэни көрдүлэр. Профосмотрга анал испэсэлиистэр: кардиолог-быраас, эндокринолог, терапевтар, УЗИ бырааһа, онколог, офтальмолог уо. д. а. кытыннылар.
Уус Алдан киин балыыһатын кылаабынай бырааһа Анна Петрова этэринэн, маннык медицинскэй көрүүлэр ыарыыны эрдэ-сылла буларга эрэ буолбакка, нэһилиэк олохтоохторун доруобуйаларын уопсай хартыынатын билэр кыаҕы биэрэллэр.
«Хас биирдии ыал кэриэтэ бэйэтэ хаһаайыстыбалаах буоллаҕа, онон оройуон киинигэр сыллата көрдөрүнэ киирэр-тахсар кыаҕа суох. Оттон үгүс дьоммут араас хроническай ыарыылардаах, ону хонтуруоллуур наада, сороҕор эмтээһин корректировканы эрэйэр. Онон, тыа сирин олохтоохторугар быраастар нэһилиэккэ баран дьону көрөллөрө табыгастаах бөҕө буоллаҕа», — диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ кини.
Медиктэр 100-чэкэ киһини көрдүлэр. 17 ыарыһахха эбии чинчийиигэ анал хайысхалар бэрилиннилэр.
This post was published on 12.04.2023 11:05 11:05