Уус Алдан улууһун киин балыыһатыгар саҥа томограф олохтонно

Уус-Алдан киин балыыһатыгар  саҥа аныгы  көмпүүтэрнэй томограф олохтонно. Саха сирин баһылыга Айсен Николаев туруорбут соруктарын чэрчитинэн, маҥнайгы сүһүөҕү модернизациялааһын үлэтэ  оҥоһуллар, диэн СИА-ҕа өрөспүүбүлүкэ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс- сулууспата иһитиннэрэр.

«Бу иннинэ Уус-Алдан улууһугар көмпүүтэрнэй томограф суоҕа. Биһиги ыарыһахтарбыт КТ-га түһэр сыалтан, Дьокуускай куоракка эбэтэр Мэҥэ- Хаҥалас Майа сэлиэнньэтигэр айанныырга күһэллэр этилэр. Доруобуйа харыстабылын маҥнайгы сүһүөҕүн модернизациялааһын бырагыраамматынан билигин миэстэтигэр чинчийии оҥоруохтара»,-диэн Уус-Алдан киин балыыһатын кылаабынай бырааһа Анна Петрова санаатын үллэһиннэ.

Саҥа КТ-аппараат көмөтүнэн уустук көрдөрүүлэрээх ыарыһахтары чинчийии ыытыахха сөпа, ол иһигэр мэйии хаанын эргиирин, травманны көрүөххэ сөп. Ону тэҥэ томогравынан саҥа коронавируснай инфекциянан ыалдьыбыт дьону иккис түһүмэҕэр туһанар былааннаахтар.

Санатан эттэххэ, 2021 сылтан бастакы сүһүөх модернизациялааһын чэрчитинэн Уус-Алдан киин балыыһатын таһынан Чурапчы, Горнай, Томпо уонна Нам оройуоннарын киин оройуоннааҕы балыыһалара ылбыттара. Медицинскэй оборудование уопсай сыаната 175 мөлүйүөн солкуобай.

2021 сылтан 2025 сылга диэри «Доруобуйа харыстабылын» национальнай бырайыак бастакы сүһүөҕүн саҥардыы бырагырааматын чэрчитинэн 2,2 миллиард солкуобайдаах 385 устуука  мэдэссиинэ оборудованиетын , ол иһигэр 117 «ыарахан оборудованиены» атыылаһарга былааннаммыта.

This post was published on 10.03.2022 18:35 18:35