Кини дьиэ кэргэнэ сайынын Дабаадыма сиригэр олохсуйан олорбута ыраатта. От ыйын 5 күнүгэр биһиги, лааҕыр оҕолоро, Бэс күөл кытыытын, онтон от ыйын 7 күнүгэр баһаатайдарбытын кытта Гаврил Гаврильевич дьиэ кэргэнин тэлгэһэтигэр баар хортуоскатын бааһынатын сыыһын ыраастаатыбыт.
Бары наһаа көхтөөхтүк, көдьүүстээхтик үлэлээтибит. Анастасия Дмитриевна наһаа үөрдэ, махтанна уонна сылаас бэрэскинэн күндүлээтэ. Үлэни бүтэрэн баран дьоҥҥо үтүөнү оҥорбуппутуттан наһаа астынныбыт.
Нарыйаана Нестерова, VI кылаас, Дүпсүн орто оскуолата, Уус Алдан
This post was published on 21.07.2023 18:05 18:05