Уус Алдан улууһун баһылыга элбэх оҕолоох ыалга смартфон бэлэхтээтэ

Дистанционнай үөрэниигэ ситиһиилэри баҕаран туран, Уус Алдан улууһун баһылыга Алексей Федотов кэргэнин кытта элбэх оҕолоох ыалга смартфон саҥа көрүҥүн бэлэхтээтэ диэн, СИА оройуон пресс-сулууспатыгар сигэнэн суруйар.


Уус Алдан олохтоохторо Турантаевтар алта оҕолоохтор. Түөрт оҕо кыра кылаастарга үөрэнэр. Дистанционнай үөрэнии киирбитигэр, оҕолор үөрэнэр платформаларга холбоноллоругар анал устройстволара барыларыгар тиийбэтэ. Улуус баһылыга Алексей Федотов уонна кини кэргэнэ Марианна Федотова ыал уол оҕотугар смартфон уонна наушник бэлэхтээтилэр.

Ыал ийэтэ Наталья Турантаева баһылыкка махтанна уонна бэлэх кини уола салгыы үөрэнэригэр саҥа сүүрээни киллэрбитин эттэ.

Оҕоҕо бэлэҕи баһылык көмөлөһөөччүтэ Петр Слепцов туттарда.

This post was published on 14.04.2020 16:01 16:01