Уус Алдан улууһугар удьуор утумун салҕаан

Уус алданнар ааттаах-суоллаах уран уустарынан, дууһаны манньытар мааны иистэнньэҥнэринэн киэн тутталлар, ытык кырдьаҕастарын өрүү сүгүрүйэ ахталлар-саныыллар.


Утуму салҕаан улуус уран тарбахтаахтарын түмэр “Мындыр” түмсүүлэрэ тэриллибитэ биэс сылынан, Бороҕоҥҥо “Уус Алдан удьуор утумун салҕаан” диэн тэрээһин буолла. Манна маастардар бастыҥ үлэлэрэ бар дьон көрүүтүгэр туруорулунна. Тэрээһин туһунан улуустааҕы култуура управлениетын сүрүн испиэлииһэ Мотрена Герасимова сырдатта.

—“Мындыр” түмсүү ытык дьоммут ааттарын ааттатар, кэнчээри ыччакка кинилэр сатабылларын тиэрдэр, иҥэрэр сыаллаах-соруктаах тэриллибитэ. Талба талааннаахтар түмсүүлэрин өрөспүүбүлүкэҕэ суон сураҕырбыт уус Анатолий Ховров төрүттэспитэ. Кини элбэх кыайыытыттан-хотуутуттан чуо биири бэлиэтээтэххэ, “Уус-Экспо” быыстапкаҕа 2013 сыллаахха ”Бастыҥ батыйа” номинация кыайыылааҕынан буолан барыбытын улаханнык үөрдүбүтэ.

Билигин “Мындыры” улуустааҕы култуура управлениетын начаалынньыга Иннокентий Иннокентьевич Аммосов сатабыллаахтык салайар. Түмсүү үлэтин сыллата сайыннаран иһэр туһуттан, норуот маастарын күнэ бэлиэтэнэр. «Якутия мастеровая» быыстапкаҕа үлэлэр сүүмэрдэнэллэр. Саҥа талааннары көрдөөн Бороҕоҥҥо “Уустар уран түһүлгэлэрэ” диэн улахан быыстапка тэриллэр. Нэһилиэктэргэ маастар-кылаастар тиһиктээхтик ыытыллаллар. Үлэһит дьоммутун-сэргэбитин өйөөн, култуура управлениета үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбит дьоҥҥо  “Төрүт култуураны тарҕатыы иһин” диэн анал ааты туттарар. Үлэ ыытылларын түмүгэр, улууспутугар билигин 12-“СӨ норуотун маастара”, 18-“СӨ норуотун уус-уран оҥоһуктарын маастара”, 47-“Уус-Алдан улууһун норуотун маастара” баар буоларын ситистибит, — диэн кэпсээтэ.

Мотрена Николаевна нэһилиэктэргэ уран тарбахтаахтар түмсүүлэрэ эдэрдэри уһуйалларын, биллэр-көстөр үлэлээх дьону ыҥыран ыалдьыттаталларын, кинилэртэн сүбэ-ама ылалларын кэпсиир. Өрөспүүбүлүкэҕэ сураҕырбыт Моҕол ураһаны тигэргэ Бээрийэттэн “Арчы” (сал. Варвара Васильева), Бороҕонтон “Оһуор утум” (сал. Екатерина Колодезникова) туох баар кыһамньыларын ууран үлэлэһэллэрин, уустар ох сааны оҥорууга ылсыбыттарын бэлиэтиир.  90 саастаах ытык кырдьаҕас, норуот маастара Пелагея Максимова илиитин иистэн араарбакка билигин да үрдүк таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы олорорун, бу дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө холобур буоларын киэн тутта эттэ. Маны сэргэ, сири иһити норуот маастара Екатерина Колодезникова былыргы үгэһи тутуһан тикпитин, аар-саарга аатырбыт ат толору симэҕин, мас, тимир уустарын сөҕүмэр үчүгэй үлэлэрин, уран тарбахтаахтар иистэрин Арассыыйа, тас дойду дьоно-сэргэтэ сөҕө, хайгыы көрөллөрүттэн бэлиэтээтэ.

Маннык тэрээһиннэр улууспут удьуор уустара аныгы олох сайдыытын тэтимин кытта тэҥҥэ хардыылыылларыгар, үүнэн-сайдан иһэллэригэр тирэх буолара саарбахтаммат, — диэтэ. Түһүлгэҕэ мустубут долгутуулаах, үөрүүлээх тэрээһин кыттыылаахтара түмсүүлэрин  биэс сыллаах үлэтин сыаналаабыттар, былааны олоххо киллэрэргэ сыал-сорук туруоруммуттар, санааларын үллэстибиттэр.

This post was published on 05.04.2018 17:35 17:35