Уус Алдан улууһугар ийэҕэ уонна оҕоҕо анаммыт сквер арылынна

Ийэҕэ уонна оҕоҕо анаммыт сквери Уус Алдан улууһун Найахы нэһилиэгэр арыйдылар. 


Найахы нэһилиэгэр алтынньы 2 күнүгэр ийэҕэ уонна оҕоҕо анаммыт сквер арылынна. Эбийиэк олохтоохтор уонна дьаһалта көҕүлээһининэн олоххо киирдэ. Пааматынньык ааптара — скульптор Николай Чоччасов.

Нэһилиэк олохтоохторо этэллэринэн, сквер дьон таптаан сылдьар, сынньанар сиринэн буолуоҕа.

Бэлиэтээн эттэххэ, бу — Уус Алдан улууһугар ийэҕэ анаммыт 14-с бэлиэ сир.

This post was published on 05.10.2020 12:03 12:03