30 Алтынньы 30.10
  • -17°
  • $ 97,33
  • 105,44

Уус Алдан улууһугар Хоноҕор оскуолата 125 сылын бэлиэтээтэ

10:44, 25 сентября 2017
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков балаҕан ыйын 23 күнүгэр Уус Алдан улууһун Хоноҕор сэлиэнньэтин учууталларын, үөрэнээччилэрин Сергей Степанович Васильев-Борогонскай аатынан Хоноҕор сүрүн үөрэхтээһинин оскуолатын 125 сыллаах үбүлүөйүнэн эҕэрдэлээтэ.


Хоноҕорго үөрэхтээһин тэриллэн, аан маҥнай 1892 сыллаахха церковно-приходской оскуола аһыллан, бөһүөлэк оҕолоро үөрэнэн саҕалаабыттара. Онно учууталларынан аҕабыт Василий Охлопков уонна Климент Попов үлэлээбиттэрэ. Бастакы сылларга бу оскуолаҕа бэйэлэрин оҕолорун таһынан улуус ыаллыы нэһилиэктэрин, Нам Хомустааҕыттан, Үөдэйиттэн, Мэҥэ Хаҥалас Мөҥүрүөнүттэн кэлэн үөрэнэллэр этэ. Сылтан-сыл үөрэнээччи ахсаана үксээн, 1923 сыллаахха I сүһүөхтээх сэбиэскэй үлэ оскуолата аатын сүкпүтэ. Ол кэннэ 1931 сыллаахтан алын кылаас оҕолорун үөрэтэр оскуола буолбута, оттон 2008 сыллаахха орто оскуолаҕа диэри улааппыта. Күн бүгүн Хоноҕор оскуолата С.С. Васильев-Борогонскай аатынан сүрүн оскуола буолан турар. 2016 сыллаахха оскуолаҕа бөһүөлэк “Чуораанчык” дьыссаата сыһыарыллан, билигин уопсайа 77 оҕо иитиллэр уонна үөрэнэр. Олортон 40 оскуола үөрэнээччилэрэ уонна 37 оҕо дьыссаат иитиллээччилэрэ.

Дьоро тэрээһин Хоноҕор оскуолатыгар үөрэммит выпускниктары көрсүү уонна үгэс быһыытынан оскуола иннигэр үбүлүөйдээх 125 сыл бэлиэтин арыйыы сиэринэн-туомунан саҕаланна. Оскуола иһигэр С.С. Васильев-Борогонскайга анаммыт “Дьаныардаах дьарыкпыт бар дьоммутугар” быыстапка дьон болҕомтотун тарта итиэннэ хас эмэ көлүөнэ үөрэнээччилэр истиэнэҕэ ыйаммыт хаартыскалара выпускниктары үөртэ, ахтылҕан санааны киллэрдэ.

Хоноҕорго оскуола тэриллибитэ 125 сылын бэлиэтиир дьоро тэрээһиҥҥэ мустубут Суотту нэһилиэгин олохтоохторун, оскуола коллективын, бэтэрээн учууталлары, выпускниктары уонна билигин үөрэнэ сылдьар үөрэнээччилэри Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэххэ уонна наукаҕа миниистирин солбуйааччы Юрий Шипицын, Уус Алдан улууһун баһылыга Алексей Федотов, Уус Алдан үөрэҕин управлениетын салайааччыта Ирина Тарская, Суотту нэһилиэгин баһылыга Василий Иванов, С.С. Васильев-Борогонскай кыыһа Вера Васильева эҕэрдэлээтилэр. Маны сэргэ Хоноҕор оскуолатыгар үлэлии сылдьыбыт учууталлар, салайааччылар уонна выпускниктар оскуола педколлективыгар бэйэлэрин алгыс тылларын анаатылар.

Дьоро киэһэни С.С. Васильев – Борогонскай аатынан Хоноҕор сүрүн оскуолатын дириэктэрэ Таисия Шамаева арыйда. Таисия Дмитриевна өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр дьон үлэлээн-хамсаан ааспыттара оскуола сайдыытыгар, туруктаах буолуутугар үгүс кылааттарын киллэрбит поэт, публицист, государственнай уонна общественнай деятель С.С. Васильева-Борогонскай, буойун-учуутал, үлэ бэтэрээнэ Г.В. Васильев, педагогическай наука дуоктара, бырабыассар В.Ф. Афанасьев-Алданскай, СӨ үтүөлээх учуутала, “Үлэ Кыһыл Знамята” орден кавалера И.С. Прохорова-Аржакова, норуот үөрэҕириитин туйгуна, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Т.С. Пирожкова, историк, кыраайы үөрэтээччи, педагогическай үлэ бэтэрээнэ И.И. Пирожков, норуот үөрэҕириитин туйгуна, педагогическай үлэ бэтэрээнэ В.Т. Татаринов, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, РФ үөрэҕириитин туйгуна, педагогическай үлэ бэтэрээнэ А.Р. Кулаковскай, педагогическай үлэ бэтэрээнэ С.В. Захарова ааттарын ааттаталаата.

Оскуола дьоһун ситиһиитэ, киэн туттуута, албан аатырыыта – үөрэнээччилэрин ситиһиилэриттэн көстөр. Биһиги выпускниктарбыт үлэ-хамнас бары хайысхаларыгар ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьалларыттан үөрэбит уонна киэн туттабыт”, ­– диэн Таисия Шамаева выпускниктарга махталын биллэрдэ.

Ил Түмэн спикерэ Александр Жирков Хоноҕор оскуолатын өр сылларга үлэлээбит учууталларын, үлэ бэтэрээннэрин, билигин үлэлии сылдьар оскуола кэлэктиибин, араас сылларга бүтэрбит үөрэнээччилэри уонна үөрэнэ сылдьар оҕолору, нэһилиэк олохтоохторун, улуус дьонун-сэргэтин Уус Алдан кырдьаҕас уонна баай историялаах оскуолатын төрүттэммитэ 125 сылынан эҕэрдэлээтэ.

Александр Жирков өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн аҕыйах ахсааннаах оҕолоох 200-тэн тахса оскуола баарын эттэ уонна кинилэр үлэлэрэ-хамнастара, үөрэнээччилэрин билиилэрин таһыма итэҕэһэ суох буоларын ситиһии – өрөспүүбүлүкэ салалтатын, үөрэх министиэристибэтин биир сүрүн соруга буоларын бэлиэтээтэ.

Былыр-былыргыттан сүүһүнэн сыллар усталарыгар биһиги өбүгэлэрбит 3 мөл. тахса кв. км. иэннээх төрөөбүт дойдуларын кэрийэн, сир-уот оҥостон олохсуйан, суруйбут историялара атын дойдулартан уратыбыт бэлиэтэ. Ону бүтүн Арассыыйа былааһа, салалтата билинэр. Ол иһин бэйэбит аҕыйах нэһилиэнньэлээх бөһүөлэктэрбитин, оскуолаларбытын, дьыссааттарбытын харыстыыр, кинилэргэ көмөлөһөр тустаахпыт. Онно олохтоохтор, эһиги, олук уонна көмө буолаҕыт”, – диэтэ Александр Жирков, – “Хоноҕор оскуолатын историята итиннэ быһаччы сыһыаннаах. 1975 сыллаахтан Суотту улахан оскуолата тутуллан киириэҕиттэн Хоноҕор олохтоохторун иннилэригэр ити боппуруос хаста даҕаны сытыытык тура сылдьыбыта”, — диэтэ кини.

Маны таһынан спикер оскуола ааспыт сылтан “Чуораанчык” дьыссааты кытта силбэһэн, штатын сарбыппакка, үлэһиттэрин аччаппакка, кинилэр хамнастарын икки бүк улаатыннаран, оскуола кэскиллээх хайысхаҕа турбутун бэлиэтээтэ уонна инникитин ити үлэни өйүөхпүт диэн биллэрдэ.

Суоттуга 220 миэстэлээх саҥа таас оскуола акылаата түстэ. Саҥа кэм үөрэх эйгэтигэр саҥа ирдэбиллэри туруорар. Онно эппиэттэһэр үөрэх кыһалаах буолуохтаахпыт. Ол иһин Суотту оскуолата тутуллан үлэҕэ киирдэҕинэ нэһилиэк уонна улуус салалтата, өрөспүүбүлүкэ үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэтэ, Бырабыыталыстыба, Ил Түмэн күүспүтүн түмэн Хоноҕорго саҥа оскуола-саад тутуутун туһунан сүбэлэһиэхтээхпит уонна ол үлэни саҕалыахтаахпыт”, – диэн спикер көрөөччүлэр болҕомтолорун тарта.

Александр Жирков инньэ диэн туран, олохтоохтору оскуолаларын, дьыссааттарын үлэһиттэрин өйөөн, кинилэри кытта сүбэлэһэн, оҕолорун иитиилэригэр үлэлэһиҥ диэн ыҥырда.

Итиэннэ Ил Түмэн спикерэ оскуола оҕолоро сүрдээх үчүгэйдик оскуолаларын туһунан хоһоон аахпыттарын оскуола үөрэтиитин үрдүк таһымын көрдөрөрүн чорботто, учууталларга, бука-бары үлэһиттэргэ үлэлэригэр ситиһиини баҕарда уонна билигин социальнай эйгэ үлэтин улуус салалтата күүскэ өйүүрүн санатта.

“Уус Алдаҥҥа социальнай эйгэҕэ тутууну ыытыыга, эбийиэктэри саҥардыыга XXI үйэҕэ аналлаах бырайыактарынан үлэни улуус билиҥҥи салалтата кэскиллээхтик ыытар. Ону Дьокуускайтан, атын улуустартан кэлбит ыччаттар бэлиэтии көрүҥ, өйдөөн истиҥ уонна мэлдьитин улуускут туһугар санааҕыт чугас уонна өйөбүллээх буоллун”, – диэн эдэр ыччакка туһаайан баҕа санаатын эттэ. Маннык үөрүүлээх тэрээһини тэрийэргэ анал хамыһыйа бэрэссэдээтэлэ буолан көмөлөспүт өрөспүүбүлүкэ үөрэххэ уонна наукаҕа миниистиригэр Владимир Егоровка махтал тылларын тириэртэ.

Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков эҕэрдэтин түмүктээн, С.С.Васильев-Борогонскай аатынан Хоноҕор оскуолатын оскуолаҕа бэлэмнээһин үлэтин методиһа Галина Заровняеваны Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бочуоттаах грамотатынан наҕараадалаата. Хоноҕор оскуолатын үлэһитэ Ульяна Васильеваҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин социальнай сайдыытыгар кылаатын иһин Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин Махтал суругун туттарда.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэххэ уонна наукаҕа миниистирин солбуйаачча Юрий Шипицын тэрээһин кыттыылаахтарын Хоноҕор оскуолатын 125 сылынан эҕэрдэлээтэ уонна оскуола кэлэктиибэ өр сыллар тухары үлэлээбит учууталлар уопуттара, олоҕу көрүүлэрэ, эдэр учууталлар эрчимнээх, дьулуурдаах санаалара, кыахтара силбэһэн, сомоҕо күүс буолан нэһилиэк иитэр-үөрэтэр үлэтин сайыннарыыга дьулуһуохтааҕын бэлиэтээтэ.

Миниистири солбуйааччы С.С.Васильев-Борогонскай аатынан Хоноҕор оскуолатыгар оҕолору таһар массыына сэртипикээтин бэлэхтээн дьон сүргэтин көтөхтө. Итиэннэ үөрэххэ, ыччаты иитиигэ ситиһиилэрин уонна кыһамньылаах үлэтин иһин алын кылаас учуутала Мария Соловьеваҕа “РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ” бэлиэни туттарда. Хоноҕор орто оскуолатын бэтэрээнэ Светлана Захарованы “СӨ үөрэҕириитин бэтэрээнэ” уонна саха тылын учуутала Фекла Слепцованы “Учууталлар учууталлара” бэлиэлэринэн наҕараадалаата.

Уус Алдан улууһун баһылыга Алексей Федотов быйыл улууска тутуллан киириэхтээх саҥа дьиэлэри бэлиэтээтэ уонна ол эбийиэктэри тутууга, улуус социальнай-экономическай сайдыытыгар киллэрэр үгүс кылааттарын иһин Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлигэр Александр Жирковка, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатыгар махталын биллэрдэ.

Биһиги, улуус дьаһалтата уонна улуустааҕы үөрэх управлениета, оскуола тупсаҕай буоларыгар өрөмүөн ыытарга туох баар күүспүтүн ууруохпут”, – диэн Уус Алдан баһылыга эрэннэрдэ.

Маны таһынан дьоро киэһэҕэ мустубут ыалдьыттары, выпускниктары, үлэлии сылдьыбыт бэтэрээн учууталлары Уус Алдан үөрэҕин управлениетын салайааччыта Ирина Тарская, Суотту нэһилиэгин баһылыга Василий Иванов, Сергей Васильев-Борогонскай кыыһа Вера Васильева эҕэрдэлээтилэр, бэйэлэрин бэлэхтэрин туттардылар. Итиэннэ ыраахтан-чугастан кэлбит хас эмэ көлүөнэ выпускниктар, оскуолаҕа үлэлии сылдьыбыт учууталлар, бэтэрээннэр оскуола кэлэктиибигэр эҕэрдэ үтүмэнин, алгыс үтүөтүн эттилэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА