Уус Алдан улууһугар бөрө үөрэ сылгыларга кутталы үөскэтэр

Хаартыска: ЯСИА саайта

Соторутааҕыта Уус Алдан улууһун Эһэлээх сэлиэнньэтин таһыгар бөрөһүт булчуттар сылгы уҥуоҕун кырамтатын буллулар. Дьиэ кыылын бөрөлөр сиэбиттэрэ бигэргэннэ. Ол туһунан ЯСИА-ҕа булчут Пётр Охлопков кэпсээтэ. Кини эппитинэн, Эһэлээх, Уһун Күөл, Дүпсэ нэһилиэнньэлээх пууннар тастарынан уон төбөттөн турар бөрө үөрэ баар. Кинилэр пиэрмэрдэр хаһаайыстыбаларыгар чахчы кутталы үөскэтэллэр.

«Эһэлээхтэн 10 км тэйиччи үөр бөрө тардыбыт сылгытын кырамтатын буллубут. Атыыры бөрөлөр «бэлиэтээбиттэр». Олохтоохтор этэллэринэн, күһүн ньирэйи сиэбиттэр бөрөлөр.

Билигин түөрт буолан үлэлиибит. Дүпсэ өттүттэн эмиэ биригээдэ баар.

Аҕыйах хаар түспүт буолан, сур бөрөлөрү ирдиир-суоллуур ыарахаттардаах. Элбэх хаардаах буоллаҕына биир ыллыгынан сылдьаллар. Билигин ыһыллан сүүрэллэр.

Билигин биһиги биригээдэбит тоһуурдары уурда. Биһиги билэрбитинэн, бөрөлөр Дүпсэ диэки барбыттар», — диэтэ бөрөһүт-булчут Пётр Охлопков.

This post was published on 16.12.2024 16:05 16:05