Уус Алдан улууһугар 3165 ыанар ынахха субсидия бэриллиэҕэ

Быйыл тыа хаһаайыстыбатыгар үбүлээһин схематыгар уларыйыылар киирэннэр, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин сорох боломуочуйата улууска бэриллибитэ. Ол курдук тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорооччулары өйөөһүн саҥа механизмын биир көрүҥүнэн кэтэх хаһаайыстыбалаах ыал сүөһү иитэрин иһин ыанар ынах төбөтүгэр 35 000 солкуобай көрүллүүтэ буолар.


Бу саҥа уларыйыылар ирдэбиллэригэр олоҕуран Уус Алдан улууһа Бэрээдэк ылыммыта.

«Улууспут хас биирдии ыанар ынахтаах кэтэх хаһаайыстыбалаах ыаллара бу субсидияҕа хапсалларын курдук үлэни ыыттыбыт. Биир сүрүн ирдэбилинэн субсидияҕа хапсыан баҕалаах кэтэх хаһаайыстыбалаах дьону Биир кэлим реестрга киллэрии буолар, билиҥҥи туругунан 916 киһи бу реестрга киирэн турар«, — диэн улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениета https://www.instagram.com/uusaldan.ru/ суруйда.

Улууска кулун тутар 31 күнүттэн муус устар 29 күнүгэр диэри сайаапкалары тутуу биллэриллэн, тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар уопсайа 893 кэтэх хаһаайыстыбаттан, 3165 ыанар ынах төбөтүгэр сайаапка киирдэ. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ үбүлээһин харчытын ыыттаҕына, хаһаайыстыбаларга субсидияны ыытарга улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениета бэлэм олорор.

This post was published on 13.05.2021 12:01 12:01