Уус Алдан улууһгуар от былаана 88,45 % туолла

Хаартыска: Мүрү саһарҕата

Атырдьах ыйын 21 күнүнээҕи туругунан, улууска тиэрдиллибит от былаана 88,45 % туолла. Ол аата оттонуохтаах 30,000 тн оттон 26537 туонна күрүөлэннэ, диэн «Мүрү саһарҕата» оройуоннааҕы хаһыат суруйар.

Ордук хотуулаахтык Дүпсүн нэһилиэгэр оттуу сылдьаллар. Манна тиэр­диллибит 2550 туонна былааннаахтарыттан, 131 туоннаны куоһаран олороллор. Иккис көрдөрүүлээх Бороҕон нэһилиэгэ буолла. Тумуллар тиэрдиллибит 2100 туоннаны оттуур былааннаахтарын, 21 туоннанан аһара оттоотулар.

Үс бастыҥ иһигэр Суотту нэһилиэгэ киирдэ. Манна 3002 туонна оттуур былааннаахтарыттан 100% толордулар. Түүлээх уонна Бээрийэ нэһилиэктэрэ былааннарын толороллоро олох чугаһаан турар.

Сорох нэһилиэктэр көрдөрүүлэрин ситэ биэрэ иликтэр эбит. Оччотугар көрдөрүү өссө улахан буолуон сөп. Билигин даҕаны ардаҕа суох кураан күннэр тураллар. Онон өссө да от­туохтара. Мантан көстөрүнэн, оттооһун былаана быйыл да туолуон сөп курдук. Бурдук да үүнүүтэ куһаҕана суох. Ол аата сүөһү эбии аһылыга эмиэ баар буо­луоҕа. Сүөһү кыстыгы этэҥҥэ туо­рууругар сөптөөх аһылык бэлэмнэниллэн эрэр.

This post was published on 23.08.2024 11:23 11:23