Атырдьах ыйын 21 күнүнээҕи туругунан, улууска тиэрдиллибит от былаана 88,45 % туолла. Ол аата оттонуохтаах 30,000 тн оттон 26537 туонна күрүөлэннэ, диэн «Мүрү саһарҕата» оройуоннааҕы хаһыат суруйар.
Ордук хотуулаахтык Дүпсүн нэһилиэгэр оттуу сылдьаллар. Манна тиэрдиллибит 2550 туонна былааннаахтарыттан, 131 туоннаны куоһаран олороллор. Иккис көрдөрүүлээх Бороҕон нэһилиэгэ буолла. Тумуллар тиэрдиллибит 2100 туоннаны оттуур былааннаахтарын, 21 туоннанан аһара оттоотулар.
Үс бастыҥ иһигэр Суотту нэһилиэгэ киирдэ. Манна 3002 туонна оттуур былааннаахтарыттан 100% толордулар. Түүлээх уонна Бээрийэ нэһилиэктэрэ былааннарын толороллоро олох чугаһаан турар.
Сорох нэһилиэктэр көрдөрүүлэрин ситэ биэрэ иликтэр эбит. Оччотугар көрдөрүү өссө улахан буолуон сөп. Билигин даҕаны ардаҕа суох кураан күннэр тураллар. Онон өссө да оттуохтара. Мантан көстөрүнэн, оттооһун былаана быйыл да туолуон сөп курдук. Бурдук да үүнүүтэ куһаҕана суох. Ол аата сүөһү эбии аһылыга эмиэ баар буолуоҕа. Сүөһү кыстыгы этэҥҥэ туорууругар сөптөөх аһылык бэлэмнэниллэн эрэр.