Уус Алдан Түүлээҕэр үөрэнээччилэр хаар күрдьэн көмөлөстүлэр

Түүлээх нэһилиэгэр хас эмэ күн тохтообокко хаар түстэ. Хас да күннээх хаары күрдьэр саастаах дьоҥҥо ыарахана биллэр.

Бэҕэһээ 8-с кылаас оҕолоро (кылаас салайааччыта Агафия Афанасьева) хаар күрдьэн саастаах дьоҥҥо күүс-көмө буолбуттарыгар Марфа Афанасьева дьиэ кэргэнэ улахан махталларын тиэрдэллэр.


«Куруук маннык дьоҥҥо-сэргэҕэ күүс-көмө буола сылдьыҥ. Үөрэххитигэр ситиһиилэри, доруобуйаны», – диэн баҕа санааларын этэллэр.

Туяра Ушницкая, Мүрү Саһарҕата

This post was published on 12.10.2023 11:06 11:06