Уус-Алдан улууһун иккис Лөгөй нэһилиэгин олохтоохторо, «Лига здоровье нации» бырайыак чэрчитинэн, чөл олоҕу көҕүлүүр күрэхтэһиини тэрийдилэр. Тэрээһиҥҥэ 275 киһи кытынна, бу туһунан олохтоох суруналыыс кэпсиир.
Дойдубутугар хамсык ыарыы бүрүүкээн чугас, билэр дьоммут ыалдьан, туох эрэ сонун суолу көрдүүбүт. РФ успуорка министиэристибэтэ тэрийэр «Спорт-норма жизни» бырайыак киһи күннээҕи хамсаныытын күүһүрдэрин сэргии истибиппит. Бу бырайыакка биһигини 2-Лөгөй нэһилиэгин ыччата Антон Троев сирдээн, сүбэлээн нэһилиэкпит саха сиригэр биир бастакынан кыттарга сөбүлэһэн былаан ылынан үлэлэһэ сылдьабыт.
Саас муус устар ыйга 3 киһини инструкторынан талбыппыт. Успуорка- С А Попов, гто-ҕа М С Гоголев, уһун үйэлэниигэ-Р Н Троева онлайн сэминээргэ кыттан удостоверение ылан үлэлээбитинэн барбыттара.
Харантыыӊӊа хаайтаран сорох былааннаах тэрээһиннэр туолбатахтара. Онтон санааны түһэрбэккэ балаҕан ыйыгар түөлбэлэринэн сүүрүүгэ хамаанданан күрэх тэрээһиннээхтик, илин- кэлин түсүһүүлээхтик ааспыта. «Сэмэн Баһылайап» түөлбэ кыайыылаах тахсыбыта.
Алтынньы 1 күнүттэн И. Е. Мигалкин аатынан искибиэргэ сарсыардааӊӊы сэрээккэни нэһилиэкпит успуорт инструктора Н.В. Копырин бэрт сэргэхтик ыйы быһа оӊоттордо. Сэрээккэ туһалааҕын эппитинэн—хааммытынан биллибит. Салгыы этэӊӊэ буолан саалаҕа оӊорбут киһи диэн баҕа санаалаахпыт.
Бырайыак саамай сүрүн чааһынан «Лига здоровье нации» уопсастыбаннай тэрилтэ уонна РФ успуорка министиэристибэтэ «Человек идущий» диэн хаамыыга хамаанданан күрэх тэрийдэ. Бу күрэх Россияҕа үһүс төгүлүн киэӊ хабааннаахтык тэрилиннэ. Күрэх мобильнай сибээс нөӊүө уһун кэмӊэ хардыыны ааҕар. Манна балаһыанньа быһыытынан 5 араас бөлөх кыттар: устудьуоннар, тэрилтэлэр, муниципалитеттар, чөл олоҕу тутуһааччылар, биэнсийэлээхтэр. Бу бөлөхтөргө Арассыыйа араас муннугуттан 2 тыһыынчаттан тахса хамаанда тэриллэн күрэхтэстилэр. Тэрийээччилэр этэллэринэн 60 тыһыынчаттан тахса киһи хааман күрэххэ кытынна.
Биһиги нэһилиэк «чөл олоҕу тутуһааччылар» бөлөххө регистрацияны ааһан, көхтөөхтүк кыттан түмүктээтибит. Бөлөхпүтүгэр 275 хамаанда кытынна. Күрэхтэһиигэ алтынньы 15 күнүттэн сэтинньи 15 күнүгэр диэри хаамтыбыт. Хамаандабыт хапытаанынан Р. Н. Троева, кураторынан М. С. Терентьева үлэлээтилэр. Хамаандабытыгар 48 киһи испииһэккэ киирэн баран араас биричиинэнэн 36 кыттааччы күрэхтэһиини түмүктээтэ.
Саамай аҕа саастаахпыт 74 саастаах Е. М. Троева, 70-73 саастаах-3 киһи, саамай эдэрдэрбит 14 саастаах Сайаана Окоемова, Никоша Копырин кытыннылар. Олоххо көхтөөх хас да дьиэ кэргэн кыттара үтүө холобур буолар. Ол курдук Охлопковтартан 4 киһи , Окоемовтартан 3 киһи доруобуйаларын тупсарарга көхтөөхтук кытталлар. П. В. Аммосов аатынан орто оскуола, «Сайдыы» СК, И. И. Троев баһылыктаах олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ күргүөмүнэн кыттыбыттарын үөрэ ааттыыбыт. Хамаанда чилиэттэрэ сарсыарда 6 чаастан киэһэ 10-11 чааска диэри бэйэбит бириэмэбититтэн көрөн балачча ырааҕы хааман бу дьаӊ кэмигэр доруобуйаны көрүнэн, иммунитеты күүһүрдэн, айылҕаҕа балачча уһуннук сылдьан улаханнык туһанныбыт уонна хаамарга үөрүйэх үөскээн өссө да хаама туруохпутун баҕарабыт. Биһиги 275 хамаандаттан 32-с миэстэҕэ тигистибит.
Бастакы саҕалааһыӊӊа, кыра нэһилиэк холугар куһаҕана суох көрдөрүү дии саныыбыт. Хаамыы түмүгэр утумнаахтык хаамааччы элбээтэ, бэйэ бэйэбитин көрсөн, сүбэ ыларбыт, биир хамаанда буолан бэртээхэй кэлэктиип үөскээбитин астынабыт. Лига бэрэсэдьиэнэ Лео Антонович Бокерия күрэх түмүгэр «Хас биирдии кыттааччы – кыайыылаах» диэбитин үөрэ иһиттибит.
Хамаандабытыгар эдэр эрдэҕиттэн успуорка сүгүрүйээччи, үгүс күрэхтэһиини көтүппэккэ кэтээн көрөөччү, успуорт тиэмэтигэр кинигэни, сурунаалы мунньар Василий Васильев бастыӊ көрдөрүүлээх.
Биһиги бачыыммытын атын нэһилиэктэр өйүөхтэрэ диэн эрэнэбит, чөл олоҕу тутуһуоҕуӊ, успуордунан дьарыктаныаҕыӊ, доруобай буолуоҕуӊ!
Суруналыыс М. Васильева-Күбэйэ